Page 144 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 144
Этитиэхпит биллибэт.
Эйигинэ суох
Туйгун булчут дьон
Дуул тайаҕы кытта
Тугунан да сырсаннар
Тутуспаттара чахчы.
Эйигинэ суох
Сыыдам наарталар
Сыыйылла сырыласпаттар,
Уһун обуостар
Улахан суолунан
Субуспаттар.
Күрдүргэччи көйүллэр
Көмүрүө көмүс хаар,
Кыыс куруһубатыныы намылыйар
Кырыа бытырыыс хаар!
Толоону, туундараны тупсарар
Туналы маҥан хаар!
Сылааһы, эйэҕэһи санатар
Сымнаҕас сыа хаар!
Сарадахтаах
Сардаҥалаах
Сандаластай сааска диэри
Саймаарыйар
Сайын күөҕүн
Хабырыттар тымныыттан
Харыстыыгын арай эн!
Тойукка киирбит ньургуһун
Ньуолдьаҕай өнүгэстэрэ
Тоҥуу хаар хоонньо дьиэлэнэн
Тоҥсоҕойдоох тохсунньуну
Туорууллар, доҕотторуом!
Куһугуруур куртуйах,
Буучугуруур бочугурас,
Ыарҕа ыалдьыта ыалыкы,
Олоор-чолоор
Улахамсык улар —
Бука бары,
Бука бары
Кырса кыраһа үллүктээхтэр,
Куобах хомурах дьиэлээхтэр…
Хаарыам,
144