Page 147 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 147

Аах. Бил. Туһан

    1. Максимова П.В. Хоһоон хонуулардаах, ырыа ыллыктар-
        даах… — Дьокуускай : Бичик, 2000. — С.35—37.

    2. Сивцев В. Ыллыы турар ытык сэргэ //Кыым. — 1992. —
        Алтынньы 20 күнэ.

Ааҕыы, сэһэргэһии

                 Көмүс тыалар суугунууллар

                                Кыһыл көмүс умнастаах,
                                Кыһыл көмүс лабаалаах,
                                Кыһыл көмүс мутукчалаах,
                                Кыһыл көмүс лоһуордаах
                        Улуу тайҕам суугунуур,
                        Уорастыйа куугунуур!
                        Кыһыл көмүс сэбирдэхтэн
                        Кыһыл көмүс таммахтар
                                Кыһыл көмүс ыллыктарга,
                                Кыһыл көмүс көбүөргэ
                                Топ-топ тохтон түһэллэр,
                                Тута иҥэн сүтэллэр.
                                Кыһыл көмүс саҕахтар,
                                Кыһыл көмүс алардар,
                        Кыһыл көмүс кэриилэр,
                        Кыһыл көмүс сиксиэрдэр,
                        Кыһыл көмүс ырыаларда
                        Ыллааҥ эрэ сүрэхпэр!

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Бэйиэт дьыл ханнык кэмин хоһуйбут быһыылааҕый? Туох-
        ха олоҕуран ол санаабытын бигэргэтиэхпитин сөбүй? Холо-
        бурдаан сааһылаа (испииһэк, кластер, исхиэмэ, о.д.а.).

    2. Харахха, өйгө олус үчүгэй хартыына ойууланар. Ол дууһа
        ханнык иэйиилэрин үөскэтэрин быһааран аттыларыгар су-
        руй.

    3. Ол эрээри кэрэ хартыынаны биир-икки тыл тыйыһырдар.
        Ол ханныктар дии саныыгын? Туох санааны этэллэрий?

    4. Хоһоон түмүгүттэн айымньы сүрүн санаатын сабаҕалаа.
    5. Хоһоон бастакы устуруокаларын ааҕаат, туох туһунан айым-

                                                                                                                                     147
   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152