Page 148 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 148

ньы дии санаабыккытый? Онтукаҕыт хайдах буолан таҕыс-
       та? Туох туһунан хоһоон эбитий?
   6. «Кыһыл көмүс ырыа» диэн ханнык айымньыны ааттыыбыт?
   7. П. Тобуруокап хоһооно «кыһыл көмүс ырыа» диэн ааттанар
       кыахтаах дуо?

         Тыыннаах тыл

        Хоһоону кылааска аҕыйах мүнүүтэ иһигэр өйгө үөрэтэргэ куо-
   талаһыҥ. Тоҕо, туохтан түргэнник өйгө хатанарын быһаарсыҥ.

                                                            АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

   1. Ааптары үтүктэн биири этэр, ол эрээри соһуччу атын тү-
       мүккэ аҕалар хоһоонно суруйарга холон.

   2. Хоһоон ис номоҕунан уруһуйдаа эбэтэр аккырыыкката оҥор.

                Көтөн тахсыҥ, кыталыктар!

                         Маҥан солко былаатынан
                         Мааны кыыстыы далбаатанан,
                         Көмүс былыт кытыытыгар
                         Көтөн тахсыҥ, кыталыктар,
                         Кыҥкынаһыҥ-лыҥкынаһыҥ!
                         Кынаккытын кылбаҥнатыҥ!

                         Сахам сирэ, Лена эбэм,
                         Сардаҥалаах ийэ сирим
                         Үөрэ-көтө иһиттиннэр,
                         Үүнэ-тупса чэлгийдиннэр!
                         Кыҥкынаһыҥ-лыҥкынаһыҥ!
                         Кынаккытын кылбаҥнатыҥ!

                         Айгыр силик айылҕалаах
                         Аан дойдуну эргийтэлээн,
                         Эйэ сирин итии тыллаах
                         Эҕэрдэтин тиэрдитэлээҥ!
                         Кыҥкынаһыҥ-лыҥкынаһыҥ!
                         Кынаккытын кылбаҥнатыҥ!

                         Үрүҥ холууп үөрдэринии,
                         Үрдүк күннүүн үҥкүүлэһиҥ.

148
   143   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153