Page 136 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 136

гаахтыам, кыыспын иирпиккин биллэриэм», — диэн кыһыйа-
кыбдьыгырыы турбута.

    Былыр-былыргыттан сахаларга «Уу чугаһа, уруу ырааҕа ор-
дук» диэн өс хоһооно баар. Ыал буолар оҕолорун ыраах туора
улуус дьонутар ылсалларын-бэрсэллэрин сөбүлээччилэрэ. Ол
сиэринэн икки оҕонньоттор олус чугаспыт диэн оҕолорун хол-
бооттуур санаалара суоҕа. Ол эрээри Аан Чэлбэр Айылҕа ба-
рахсан аҕа, ийэ баҕатын аахсааччыта суох буоллаҕа. Уоллаах
кыыс хонууттан холбоһон, сыһыыттан сылгылаһан, сөбүлэһэн-
таптаһан кэбиспиттэрэ, аҕалар санааларын аттара барбатах-
тара. Кыыс эмиэ уолун күүтэн турбута. Уол кини хараҕыттан
хас мэлис гыннаҕын аайы сүрэҕэ, эмпэрэттэн аллара ыстам-
мыттыы, уолугун төрдүгэр бүөлүү биэрэрэ, күөрэс гынан көстөн
кэллэҕинэ, үөрүүтүттэн битигирии тэбэрэ. Кини үгүһү-элбэҕи,
уһуну-киэҥи эргитэ санаабакка, доҕоро тыыннаах, бүтүн ордон
тахсан уоттаах уоһунан ууруон, күүстээх илиитинэн кууһуон эрэ
баҕаран, бүтүн бэйэтэ уллуҥаҕын хараҕыттан уу дьулайыгар
тиийэ умайа-уулла турбута.

    Ол икки ардыгар муустан мууска ыстаҥалаан, уол сүрүн үөс-
кэ ортотугар киирбитэ, үрүт-үрдүгэр чохчолоспут адаар муус-
тары быыстарынан сылдьа үөрүйэхтик түргэн-түргэнник элэ-
гэлдьийэн испитэ. Ол истэҕинэ эмискэ харыы төлө барбыта!

    Үтүгэн айаҕын төлө тарпыттыы, сүрүн үөс күүгүнүү-күрүлүү,
ытылла түспүтэ. Үрүт-үрдүлэригэр халҕаһалыы кыстанан тур-
бут алаас саҕа сүүнэ муустар үлтү кумаламмытынан үллэ-үллэ
түһэр модун сүүрүк үрдүк арҕаһыгар олорсон устан элэҥнэс-
питтэрэ, иннилэрин хоту дьулуруспуттара.

    Маны барытын уҥуоргу быраан үрдүттэн одуулаан турбут
аҕа уола түбэспит алдьархайыттан олус диэн ыксаабыта, киэҥ
көхсө кыараабыта, уһун санаата кылгаабыта: будулла ытыллар
муустаах буруукка түһэрэн уолун көрө мэлитэриттэн дьула-
йан хараҕын быһа симпитэ, сирэйин ытыһынан саба туттубута.
Мөҥүөх-кыыһырыах буолбута уоста охсон, сибилигин буолуох-
таах ыар кутурҕанынан солбуллубута.

    Кыыс аҕата эмиэ дөйө талаан Өлөр Өлүүнү кытта өлөр-тил-
лэр охсуһууну олус бэркиһээн саҥата суох көрөн турбута.

    Курулуу ытыллар халҕаһа муустар быыстарыгар уол төбөтө
хараарыс гына сүтүтэлээн ылаттаабыта, дьэ, мэлийдэ диэбит
кэннэ эмиэ көстүтэлээн кэлбитэ. Ол кини сүүрүк миккийбит
чоху көхсүн курдук халтархай муустартан мүччү-халты тэбинэн
муустаах ууга чомполонон ылара, тимирэ-тимирэ күөрэйэрэ.
Ол да буоллар муустаах уу, дохсун сүүрүк, күрүлүү-харылыы

 136
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141