Page 134 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 134
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Көмүөлгэ
Сандаархай саас барахсан салаллыбыта. Соҕурууттан, илгэ-
лээх итии сирдэртэн, тылбыйар кынаттаах, хотоҕой куорсун-
наах бииһэ кэлэн, сыһыы-хонуу муҥунан ырыа-тойук ылбаҕа-
йын түһэрбитэ, үҥкүү-битии үчүгэйин тарпыта, көрү-нары кө-
ҕүлүттэн туппута. Ол барыта иэйэхситтээх итии кэм аргыһа —
таптал ырыата этэ. Сандал саас саргылаах көрүн-нарын көмүс
дабыдалларыгар көтөҕөн аҕалбыт көтөрдөр үөрүүлэрэ хоту да-
ҕаны сир олохтоохторун ууларын уйгуурдубута, уйулгуларын
көтүппүтэ, сүрэхтэрин өрүкүппүтэ — кинилэр эмиэ иэннэрэ
ирэн, эттэрэ-хааннара тиллэн, Аан Чэлбэр Айылҕа барахсан
өлбөт-сүппэт Улуу Эргиирин уйулҕаннаах оонньуутугар кыттыс-
пытынан барбыттара. Күндээрэ тунаарбыт көй салгын, чэлгийэ
көҕөрөн эрэр күөх хонуу, кэрии тыа — бука барыта сандал саас
ырыатынан-тойугунан туолбуттара.
Бу кэрэ кэмҥэ, хоту сир улуу өрүстэрэ, эһиги, эмиэ уһук-
таҕыт эбээт! Нэлэһийэн-мэндээрэн, саҕахтарга халлаанныын
силбэһэн, кэҥээн-уһаан сытар эһиги киэҥ далай дуолгутун
ама ханнык дуолан күүс аймыай, устан долгуһутар холку, дэ-
лэй сүүрүккүтүн ама ким харгыстыай-мэһэйдиэй диэх курдук
саныыгын. Дьэ, ол гынан баран дьыл биир кэмигэр эһиги тос-
ту уларыйан ылаҕыт! Ол кэм саргылаах саас буолааччы. Уһун
тымныы бопсубут модун муус уобуруччутун булгурутан үлтү
охсор, көҥү көтөр кэмҥитигэр. Ол кэмҥэ, күүстээх көмүөл ба-
рыытыгар, киҥҥит-хааҥҥыт холлон, хааҕытыттан тахсан күрбэ
мууһу үлтү кэйэн, көмүрүө оҥорон, күрүлүү-харылыы устаҕыт,
кыһамнартан хаайтаран, быыппаста-быыппаста бырдааттыыгыт,
суостаах дьулаан көрүҥнэнэҕит. Халҕаһа баалынан харбыала-
һа, кытылгытыттан тахсан кырбаһа, халааннаан халыһыйаҕыт.
Арыы тыа, алаас саҕа араас муустар харталаһа дьапталлал-
лар, үлтүрүтэ кэйиллэн бытарыйа ыһыллаллар, уорааннарга
тардыллан мэлис гыналлар. Улуу уоҕу, модун күүһү көрбүт эрэ
бэркиһиир, истибит эрэ дьулайар.
Көтөр кынаттаах бииһэ салла көрөн үрэллэ көтөр, сүүрэр
атахтаах бииһэ куттана көрөн ырааҕынан тумна хаамар дьу-
лаан кэмэ диэн, дьэ, ол буолар.
Хотугу сир улуу өрүстэрин көмүөллэрин күүһүттэн ордук
уохтаах-уордаах, суостаах-суодаллаах саха киһиэхэ ама туох
баар буолуой?!
Ол гынан баран тугуй ол? Харах иирэр дуу? Кимий?
134