Page 135 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 135
Куугунуу-хааҕыныы ытылла турар улуу бурут ортотугар ким
киириэ эбитэй? Хайа иэҕэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэй-
дээх бу киэҥ дуол, бу кэбэ дьайан дохсун күүһүн кытта ха-
тыһарга холонно, биирдэ бэриллэр олоҕун түөрэккэй мууска
уурда? Суох, суох, бадаҕа, харах иирэр, харах алҕас көрөр.
Ол эрээри, эчи кэбис, харах алҕаһаабат — ити чахчы урааҥ-
хай саха! Чахчы кини! Муустан мууска ыстаҥалыыр, ньирилии
ытыллар сүүрүк быыһынан баһа хараарыҥныыр. Мэлис гынан
ылаттыыр, дьэ сүттэ, уорааҥҥа оҕустарда, тимирдэ диэбит
кэннэ эмиэ күөрэс гынан көстөн кэлэр.
Бу кини ханналыыр, ханна барар дьүһүнэй?
Уҥуор туоруур, уҥуор тиийэр санаалаах. Ол ыраах тунаа-
ран, нэлэһийэн турар уҥуоргу кытылга кини тиийиэ үһү дуо,
бу өлүү күрүлгэнин, бу уордаах уорааны туораан?!
Кини тоҕо уҥуоргу кытылы таласта үрүҥ тыынын үктэл оҥос-
тон? Ханнык суоһар куттал онно үүрдэ?
Суох, кинини ким даҕаны үүрбэтэҕэ, ким даҕаны күһэйбэ-
тэҕэ. Ити аата уол бэйэтин баҕатынан бардаҕа тапталлааҕар,
таптыыр кыыһыгар. Кинини Ахтар Айыыһыт анааһына, Эдьэн
Иэйэхсит этиитэ — Имэҥнээх Таптал үүрбүтэ. Оо, Имэҥнээх
Таптал диэн күүстээх да буолар эбит! Ол иһин ити уол Өлөр
Өлүүнү кытта эрбии биитинии эрийсэн эрдэҕэ. Буолумуна
даҕаны, олох төрдө Таптал буоллаҕа, тыынар тыыннааҕы тым-
ныы тыынынан сабардыыр Өлөр Өлүү күтүр өстөөҕү баһыйар
күүстээх бу Аламай Маҥан Күн анныгар, бу Орто Аан Ийэ
дойдуга кини эрэ буолуон сөптөөх!
Оттон ол кэмҥэ өрүс икки утарыта бырааннарын үрдүттэн
аастыйбыт баттахтаах икки оҕонньор — уоллаах кыыс аҕала-
ра — өрүһү таҥнары одуулаан сөҥүдүһэн турбуттара: оччоттон
баччаҕа диэри буолар аҕалар үгэстэринэн кинилэр уоллаах
кыыс тапталларын саамай тиһэх истэн, иккиэн даҕаны ол он-
тон олус уордайбыттара.
Уол аҕата саныыра: «Кыыс диэн кыыкынайдааҕар үгүс
эбээт, аата оҕолоор, атах сыгынньах кыыс аайы бу уол олоҕун
оонньуур оҥостон эрдэҕин, бу мэнигэ-тэнигэ бэрдин. Уолум
букатын оҕочоос эбит, букатын даҕаны өйдөнө илик эбит буол-
баат!»
Кыыс аҕата буоллаҕына: «Хор, дьон тыла кырдьык эбит ээ,
сымыйалаабатахтар. Оттон мин итэҕэйбэт этим. Ити хамыйах
мэйиитэ суох чолоҕор уол иирдэн, кыыһым улуус-улуус мааны-
лаахтарын сирэн ыыталыыр эбит дии. Оттон бэйиккэй, манна
таҕыстаргын эрэ туттаран ылан тараах иэнниэм, кулугур кул-
135