Page 132 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 132

буолуу — Ньырбачаан этигэр-хааныгар у´уктубута ханнык
       түгэҥҥэ көһүннэ?
   8. «—Дьэ ол и´ин эн бу т³рү³бүт т³рүт дьону² күн сиригэр
       буору баа´ырдан олороллорун и´ин туоххун да харыстаа-
       бакка охсус. Ол эн олоҕу² басты² дьулу´уута буолуох тус-
       таах. Чэ, мин тордоҕум кэриэ´э, £р³г³ч³й уолум, ону умну-
       ма» диэн аҕата эппит кэриэс тылларын Өрөгөчөй ылынна,
       толордо дуо?
   9. Ньырбачаан уонна кини убайа Өрөгөчөй хоһуун чочуйан
       о²орбут муос кыысчаанын дьылҕалара хайдах буолбута буо-
       луой?

         Тыыннаах тыл

   Бакамда, Даҕанча, £р³г³ч³й уонна Ньырбачаан мэтириэттэ-
       рин тылынан уус-ураннык ойуулаан кэпсээ.

   Даҕанча Туматтарга хайдах тутуллубутун, кинини хайдах
       көрсүбүттэрин оруолунан ааҕыҥ.

   Бакамда оҕонньор Даҕанчаҕа, Нэлэкэ ойуун Өрөгөчөй хо-
       һууҥҥа сүбэлиир-амалыыр ыллыктаах кэпсэтиилэрин өйтөн
       ааҕарга бэлэмнэниҥ.

                                                            АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

   1. «Өһүллүбэт өһүөн» диэн кэрчиккэ Бакамда оҕонньор ахтыы-
       та бэриллэр. Бакамда туох туһунан саныырый, ахтарый?
       Бэйэтин оҕо сааһын, төрөппүттэрин тустарынан саныыр дуо?
       Кини ахтыыларын ис хоһооно үөрүүлээх дуу, санаа түһүү-
       лээх дуу? Ахтыыларын түмүгэр кини туох санааҕа кэлэрий?
       Бу туһунан кылгас суругунан үлэтэ толор.

   2. «Кыргыс үйэтигэр уонна аныгы кэмҥэ дьон олоххо аналла-
       ра уонна дьулуурдара», «Даҕанчалаах Өрөгөчөй ийэлэрин
       тапталлара, ыар дьылҕалара». Бэриллибит тиэмэлэртэн өй-
       төн суруйууга холонон көр.

                                                                              ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

   1. Айымньы тыла-өһө, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымата.
   2. Норуот дьылҕатын дьи² чахчыта уонна суруйааччы бэйэтин

       уус-уран о²о´уута.
   3. Уус-уран айымньыга норуот сиэрдээх билиитин көстүүлэрэ.

132
   127   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137