Page 127 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 127
Кураахтаах сааны сүкпүт кы´ыл та²астаах дьон, у´ун уктаах
ү²үүнү ³рүтэ уунаҕалыы-уунаҕалыы, ү²күүлээн, ыллаан айаа-
ран эрэллэрэ. Ньырбачаан к³рд³ҕүнэ, кини дьонун — оҕолору,
дьахталлары — ньылбы үүрэн киллэрэн т³гүрүктээн тураллара.
Кыыс ³ст³³хт³р са²аларыттан арай сотору-сотору:
— Алакыы! Алакыы! Алакыы! — диэн ха´ыылара, суор кы-
ланыытыныы, тыа ба´ынан и²сэлээхтик дуора´ыйарын ³йд³³н
хаалбыта. Ол То² Биистэр ү²күүлүү сылдьан с³п буола-буо-
ла кыырт мохсоҕоллуу кыыбырҕа´алларыттан букатын атын,
олуона, ордук иччилээххэ, ки´и куйахата ытырбахтыыр суос-
таахха дылыта. Ньырбачаан куйахата күүрбэхтээбитэ, иэнэ кэ-
дэ²нээбитэ.
Ньырбачаан ол идэмэрдээх ха´ыыттан толлон, балачча у´ун-
нук хамсаабакка, омуктар тугу гыналларын одуулаан турбута.
Эмискэ б³л³х дьон быы´ыттан эриэн таба та²астаах ки´и
мүччү ойон тахсыбыта да, тумултан аллараа ³рүс диэки ыс-
таммыта. Ньырбачаан кинини эндэппэккэ билбитэ: ол Богдуу
этэ. Уон үстээх-тү³ртээх Чымпа уола оҕолор ортолоругар кы-
тыгыра´ынан, булчутунан са²а аатыран эрэрэ. Куоппут уолу
кэнниттэн кы´ыл та²астаах ³ст³³хт³р эккирэппитинэн барбыт-
тара. Ол эрээри уол атаҕынан барыларын быдан ба´ыйбыта,
атан, у´улу түспүтэ. Онуоха омуктар, ох сааларын сулбурута
тардан ылан, ытыалаан субуйбуттара. Ньырбачаан доҕорун
а´ынан хараҕын саба туттубута, кини дапсылар лабырҕа´ар
эрэ тыастарын истибитэ. Эмиэ «Алакыы!» сатараабыта. «Тап-
тахтара», — дии санаат, Ньырбачаан хараҕын аспыта, Богдуу
туруйалыы-туруйалыы ³рүс кытыытыгар сүүрэн киирэн ууга
түспүтэ. Бадаҕа, таптарбыт этэ. £ст³³хт³р сорохторо, охторун
бэлэмнии туппутунан, уу кытыытыгар саба сырсан киирбит-
тэрэ. Атыттара буоллаҕына доҕотторун, суордуу ха´ыытаан,
киксэрэн биэрэ тураллара.
Куотуу
Куотарга саамай тоҕоостоох кэм кэлбитин Ньырбачаан эти-
нэн-хаанынан билбитэ. Кини тыа´а-уу´а суох, аргыый аҕай
сууллубут тордох ураатын быы´ынан сытар уму´аҕыттан сыыл-
лан тахсыбыта уонна, тумулга мустубут ³ст³³хт³рг³ к³стүбэт
гына, тордох н³²ү³ ³ттүн диэки сыылбыта. Тордоҕун күлүгэр
киирээт, Туматтар к³стүбэт буолбуттарыгар кини арыый эр-
дийбитэ. Баҕар, ким эмэ тахсан кэлээрэй диэбиттии, Ойуу Нэ-
лэкэ тордоҕун аанын к³р³н ылбыта. Сууллан баран эндирдии
түспүт тайах тириитэ тордох аана, иччилэрин мэлдьэспиттии,
127