Page 124 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 124
убайа утуйа сыттаҕына, хоонньуттан ылан тугу о²орорун уоран
к³рбүтэ уонна олус диэн муодарҕаабыта. То² Биистэр тор-
дохторугар кини курдук, киниэхэ майгылыыр да кыыс суоҕа.
Кыыс, убайын илиититтэн ыстанан тахсаат, ү²күүлээбити-
нэн барбыта. Кыыс ү²күүтэ эмиэ Ньырбачаан ха´ан да истибэ-
тэх да, к³рб³т³х да ү²күүтэ буолбута. Бу биллибэт кыысчаан
ха²ас илиитигэр т³гүрүк и´иттээҕэ. Ону у²а илиитигэр баар
кэдэгэр кыракый ма´ынан охсо-охсо ыллаабыта. Кыысчаан
ырыатын Ньырбачаан кыайан ³йд³³б³т³ҕ³. Кыысчаан ³рүтэ
эккирээн имиллэ²нээтэҕин аайы иннигэр-кэннигэр кыа´аан-
ныы иилиммит симэхтэрэ араастаан ирбинньиктэнэ бэйэ-бэ-
йэлэригэр охсуллан дьикти, ха´ан да и´иллибэтэх кыыгынас
тыас айаан и´ин толорбута.
Биллибэт кыысчаан ыллаатаҕын, эккирээтэҕин аайы кыра
бэйэтэ улаатан, са²арар са²ата саталанан испитэ, симэхтэ-
рин тыа´а кытаатан чы²кынас буолбута. Оттон быыкайкаан т³-
гүрүк и´итин тыа´а кимиэллэнэн, сири түгэҕинэн ньиргийбитэ.
Убайа £р³г³ч³й куруутун санаарҕаабыттыы к³рбүт табалыы
киэ² хара харахтара уоттанан, кыыс хас хамсаныытын ааҕа
³р³ мы²аан олороро. Оттон Ньырбачаан доҕотторо кыыс то-
йугуттан толлон, Ничча Ньырбачаа²²а сыстыбыта, Нь³³кү Бог-
дууга чуга´аабыта.
Оҕолор оонньуурдара ханна эрэ эмискэ мэлис гынан хаал-
быттара. Кинилэр оннуларыгар хантан кэлбиттэрэ биллибэт
килбэчигэс тимир куйахтаах дьон кутулла түспүттэрэ уонна
кыы´ы тула туран, ү²үүлэрин ³рүтэ уунаҕалыы-уунаҕалыы, ³р³
к³т³ҕүллүүлээхтик ү²күүлээн барбыттара. Ньырбачаан, кини-
лэр тойуктарын т³´³ да ³йд³³б³т³р, бу ³л³рсүүгэ аналлаах
³´³г³й ү²күүтүн эндэппэккэ билбитэ уонна куттанан у´уктан
кэлбитэ.
Алакыы! Алакыы!
Ньырбачаан у´укта биэрбитэ, тордох и´э ыты´ы та´ыйар
ыас хара²а этэ. Та´ырдьа кимнээх эрэ ү³р таба курдук сырсан
тигинэ´эллэрэ, ³рү´үспүттүү тугу эрэ са²аран ньамала´ал-
лара. Убайын харбыалаан к³рбүтэ — сыппыт оннугар суоҕа,
тыа´ыттан и´иттэҕинэ, тура охсубут.
— Ити тугуй? — Ньырбачаан куттаммыттыы сибигинэйэн
убайыттан ыйыппыта.
Убайа Ньырбачааны э´э даппытын кытта биирдэ түүрэ хар-
баан ылбыта, бобо куу´ан туран сүү´үттэн сыллаабыта.
— £ст³³хт³р кэллилэр, хамсаабакка да, айдаарбакка да са-
124