Page 122 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 122
нинэ охсу´уута суох олорботохтор эбит, ³лбүтүм да кэннэ син
биир ³л³рсү³хтэрэ.
— Ытык кырдьаҕас, ол о²ойор айаҕын ииттээри, тыыннаах
буолаары соҕотоҕун бултуу-алтыы сылдьар, би´иэхэ туох да
ку´аҕаны о²орботох Тумат уолун Тураах Тарбаҕы күнтэн сүтэ-
рэммит үтү³ аакка тиийиэ этибит дуо? Соргубутугар соргу,
дьолбутугар дьол эбиллиэн мин билбэтим.
— Эн дьахтардыы а´ыныгас санаа² би´игини ³лүүгэ эрэ ти-
риэрдиэ, Тураах Тарбах тиийэн дьонугар этэн биэриэ, ³лүүнү
сирдээн аҕалыа.
— Суох, оннук буолуо суоҕа. Туматтар даҕаны, хараттан үрү-
²ү араарар буоллахтарына, кыргы´ардааҕар эйэлээхтик оло-
рор ордугун ³йдү³хтэрэ.
— Эн оҕо санаа² атыттар уода´ыннарын кыайан ³йд³³б³т:
кырдьык инньэ гынар даҕаны буоллаххына, атыттар ³йдү³х-
тэрэ ү´ү дуо? Албына буолуо диэхтэрэ, итэҕэйиэхтэрэ суоҕа.
— Суох, ытык кырдьаҕас, эн этэри² курдук буолуо суоҕа.
£р³г³ч³й са²атыгар ханнык да халба²наа´ын и´иллибэ-
тэҕиттэн Ойуу Нэлэкэ саа´ыгар холооно суох чэпчэкитик ойон
турбута уонна эмиэ:
— Хара суор халаахтаатаҕына, хаан тохтуо, — диэн баран
тахсыбыта.
Ойуун тахсыбытыгар Ньырбачаан убайыгар сыста түспүтэ.
— Убаай, ити тоҕо кыы´ырар Ойуу Нэлэкэ? — диэн кинит-
тэн ыйыппыта. £р³г³ч³й балтын куу´ан ылан аттыгар олорпута
уонна т³б³түттэн имэрийбитэ.
— Ити бэйэтэ, — диэбитэ кини, мичээрдээн кэбиспитэ, —
бадаҕа, ку´аҕан сулуктаны сиэбит бы´ыылаах, кы´аллыма.
Ол эрээри убайын таба хараҕыныы к³рсү³, киэ² харахта-
ра санаарҕаабыттыы Ньырбачааны үрдүнэн тугу эрэ ырааҕы,
к³стүбэти одуула´аллара.
Ньырбачаан убайын куу´ан, улаҕатыгар сытан түүл тү´ээ-
битэ.
¥гүс да үгүс оонньуурдар: араас бэйэлээх табалар, тайах-
тар, са´ыллар, куобахтар, кустар, хаастар… Бары тыыннаах
курдук хамсыыллар, сүүрэллэр, к³т³лл³р. Ол гынан баран оҕо-
лор оонньуохтарын с³п, дьи²нээх кыыллартан кыралар этэ.
Ньырбачаан олус диэн ү³рэр. Кини та´ыгар куруутун бииргэ
оонньуур ¥²кээн кыы´а к³рсү³, намыын Ничча, Чымпа уола
Богдуу уонна үгүс са²алаах Сахсаа уола б³д³² т³б³л³³х
Нь³³кү бары чохчо´он тула олорон £р³г³ч³й о²орор оон-
ньуурдарын к³р³лл³р³. £р³г³ч³й ү³рүйэх илиитигэр саха уу´а
122