Page 118 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 118
Аҕата ³лбүтүн кэнниттэн сотору буолан баран, биир саас-
кы ылаа²ы киэ´э, аргыый аҕай тордох сарыы аанын сэгэ-
тэн, хаар ма²ан баттахтаах, ³сс³ да уота умулла илик сытыы
харахтардаах, кылгас быы´ык саҕынньахтаах кыра оҕонньор
киирэн кэлбитэ. Бу Ойуу Нэлэкэ ойуун диэн оҕонньортон оҕо-
лор, дьахталлар олус куттаналлара, оттон улахан эр дьон бары
ытыгылыы к³р³лл³р³.
— Тугу билэн-к³р³н сылдьаҕын, £р³г³ч³й хо´уун? — диэби-
тэ кини намыын куола´ынан. — Түүл-бит бэрикитэ суох буолла
ээ.
£р³г³ч³й хо´уун, кырдьыга, ойууну соччо итэҕэйбэт этэ —
булт бултуурга, ³ст³³хт³рү сойуолуурга ойууттартан ту´аммы-
тын кини билэ илигэ. Уот иннигэр, эмиэ аҕатын курдук, ³ттүк
баттанан олорон, кини бу ³бүгэ саҕаттан ытыгыланар дьону,
ойууттары, утарар табыла суоҕун ³йд³³н, ойуун тугу этэрин
истээри, сирэйин кини диэки эргилиннэрбитэ.
— Эдэр хо´уун, билэҕин дуо, бу би´иги олохсуйан олорор
сирбит би´иги урут к³´³ сылдьыбыт мас чопчокобутугар бука-
тын маарыннаабат, сырыы-айаан ортотугар баар сир, — диэ-
битэ Ойуу Нэлэкэ.
£р³г³ч³й хо´уун, биир да тылы хардарбакка, ойуун оҕон-
ньору тобулу к³р³н олорбута. Ойуун этэн испитин салҕаабыта:
— Мантан тус илин, күн кылбайа тахсыытын диэки бардах-
ха, эн ийэ² удьуордара — сырдык-ма²ан хааннаах, эйэ²нэс
эмиийдээх эмис-тала кыргыттардаах Улуу Хоролор диэн —
бааллар. Кинилэртэн элбэх хаардар-самыырдар анараа ³ттү-
лэригэр аҕа², Ма²ан Мэкчэ обургу, биир бэт кыыстарын уоран-
талаан кэлэн ойох о²остуммута. Ол эн ийэ² Мукуча этэ. Эн,
бу ийэҕин бата²²ын, Хоролордуу үрү² субалааххын, ү³скүлэ²
та´аалааххын.
£р³г³ч³й хо´уун онно да тугу да са²арбатаҕа.
— Ийэ² аймахтара бэт т³рүт уус дьоннор. Ол гынан баран
кыыстарын То² Биистэргэ былдьаппыттарын с³бүлээбэккэ
олорор буолуохтаахтар. Охсу´уу дьолуолаах аартыга т³´³ да
тикси´иннэрбитин и´ин, эн ийэ² урууларын кытта хаан та´аар-
сар, харба былдьа´ар эрэ буолаайаҕын. Аҕа² о²орбут буру-
йун к³нн³рс³рү² буоллар, бу би´иги кыракый аймахха ордук
буолуох этэ.
Ойуу Нэлэкэ тохтуу түспүтэ, сэксэйбит убаҕас бытыгын имэ-
ринэн ылбыта уонна эмиэ са²аран барбыта:
— Улуу Хоролор анараа ³ттүлэригэр күүстээх саалаах Күп
омуктар олороллор. Онтон ³сс³ илин бу эбэ устун у´уннахха,
118