Page 120 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 120

— Алдьархай аарыктаах аартыга арылыннаҕа, аны сабыл-
лыбат.

    — С³п, — диэбитэ £р³г³ч³й хамсаабакка олорон чи² куо-
ла´ынан, — уонна туох диигин?

    — Хааннаах айахтаах хара суор халаахтаатаҕына, хаан тох-
туо.

    Ньырбачаан ити кэпсэтииттэн соччолоох тугу да ³йд³³б³-
т³ҕ³. Ойуу Нэлэкэ дэбигис ки´и ³йдүүр гына кэпсэтээччитэ
суох. Кини эмиэ, хо´уун ба´ылык курдук, ту´унан былаастааҕа:
ойуун То² Биистэр т³рүттэрин Кыырт Мохсоҕолу кытта си-
бээстээҕэ, Мохсоҕол удьуордарын бииргэ түмэрэ. Ойуун туох
эмэ суолталаах сонуну ким хайа иннинэ истэрэ уонна хо´уун
ба´ылыгы кытта хайаатар да сүбэлэ´эрэ. Ол да түгэ²²э кини
сүбэлии, сүбэлэ´э киирэн тахсыбыта.

    Ити кэмтэн ыла убайа Ньырбачаантан букатын да кэриэ-
тэ тэйбитэ, урукку курдук оонньуура-күлэрэ мэлийбитэ. Кини
мэлдьитин дьэбин уо´уйа сылдьара, Ньырбачаан кэлэн урук-
кутунуу сыста²наан бардаҕына, ыарахан илиитинэн т³б³түт-
тэн имэрийэрэ уонна аргыый, булгуччулаахтык, халбарыччы
анньара. Ойуу Нэлэкэ киирэ сылдьыбытын кэнниттэн убайа
тордоҕун и´игэр уму´ах хастыбыта, онно тоҕус буур тириитин
укпута.

    Хара суор эмиэ халаахтаабытыгар Ньырбачаан, Ойуу Нэлэ-
кэ тылын ³йд³³н, куттана санаабыта уонна убайыттан к³мүскэл
эрэйэрдии, у´угуннараары тардыалаабыта. Убайа кини үрдү-
гэр ыарахан илиитин уурбута, онуоха Ньырбачаан, уоскуйбута
буолан, нухарыйан барбыта.

                             Ньырбачаан түүлэ

    Ойуу Нэлэкэлиин Ньырбачаан убайын кэнники кэпсэтиитэ
маннык этэ.

    Биирдэ эмиэ, куолуларынан, эр дьон ханна эрэ баран ³р
буолан кэлбиттэрэ. Бу сырыыга таба, тайах этиттэн ураты
атын сүгэ´эрдэрэ суоҕа. Ол киэ´э Ойуу Нэлэкэ эмиэ Ньырба-
чааннаахха киирбитэ. Кини сэ²ийэтин ма²ан сэксэгэр бытыга
³р³ тахсан иннигэр то´уйбутуттан к³рд³хх³, бэрт дьо´уннаах
кэпсэтиини кэпсэтэ анаан-минээн киирбит бы´ыылааҕа. Эр
дьон э´э даппыларга араан икки ³ттүгэр утарыта, атахтарын
анныларыгар хомуйа тардан, олорбуттара. Ойуун, «чыырк» гы-
на силлээн баран, кэпсэтиини ыраахтан саҕалаабыта:

    — Хотоку, эн аҕа² Мэкчэ хо´уун эр сүрэхтээх ки´и этэ.

 120
   115   116   117   118   119   120   121   122   123   124   125