Page 133 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 133

Анаан дьүүллэһии

    1. Роман ис хоһоонуттан, идиэйэтиттэн тахсар социальнай уон-
        на философскай «Киһи эбэтэр кии буолуу», «Олох хаһан да
        уҕараабат мөккүөрэ», «Атын омуктардыын эйэлээхтик оло-
        руу» проблемаларын дьүүллэһиҥ.

    2. Аныгы дьон өбүгэлэрбит өйдөрүн-санааларын, эрэйдэрин-
        муҥнарын, дьоллорун-үөрүүлэрин билэрбит тоҕо наадатын
        быһаарсыҥ.

    3. Саха аҕа ууһугар кырдьаҕас элбэх буоллаҕына, ыччат тэни-
        йэр, сайдар диэн өйдөбүллээх. Тоҕо?

    4. Хататтаах кыалык — уот, киһи уонна айылҕа ситимэ; Саха
        быһаҕа — дьон икки ардынааҕы сыһыана; Муостан чочул-
        лубут үҥкүүлүү сылдьар саха кыыһа — таптал, олох быс-
        тыбат тыынын бэлиэлэрэ. Бу бэлиэлэр олох тыын күүстэрин
        кэрэһилиир символлар буолалларын тойоннооҥ.

    5. «£рг³ст³³х ү²үүнү ³р³ туппут ³р³г³йдүүр, кыырыктаах
        бата´ы кыбына сылдьыбыт кыайар». Кыргыс, бы´ылаан
        үйэтэ диэн баар буола сылдьыбытын Саха сирин устуору-
        йатын чахчыларыгар тирэҕирэн бы´аарыҥ.

    6. «Сир үрдэ киэ² эбээт, кини булда-алда, а´а-ү³лэ барыбы-
        тыгар тиийэр буолбат дуо?! Тоҕо, туох и´ин ³л³рс³бүт-ох-
        су´абыт? Тоҕо, туох и´ин күнтэн сүтэрсэбит?», «Олох
        диэн куруутун баара, баар да буолуо, оттон охсу´уу — ол
        түгэн, быстах аа´ар суол». Бу Өрөгөчөй тыллара. Тумат-
        тартан т³рүттээх Даҕанча уонна То² Биистэр ба´ылыктара
        £р³г³ч³й хо´уун олоҕу к³рүүлэрин тэ²нээн к³рүҥ, санааҕы-
        тын чопчулааҥ.

Аах. Бил. Туһан

    1. Берёзкин Г. И. Саха былыргы сэ´эннэрэ уонна кэпсээннэ-
        рэ. — Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1977.

    2. Д. Васильева. Улахан суол төрдүгэр // Хотугу сулус. —
        1998. — 4 №. — С.96—98.

    3. Васильева Д.Е. Далан : олоҕо уонна айымньыта. — Дьокуус-
        кай : ГУП «Полиграфист», 1998. — 258 с.

    4. Ксенофонтов В. В. Эллэйада. Материалы по мифологии и
        легендарной истории якутов. — Москва : Наука, 1977.

    5. Фёдоров Г. В., Егоров Н. Ф. Сэргэ т³рдүгэр сэ´эн. — Дьокуус-
        кай : Кинигэ изд-вота, 1991.

    6. Эргис Г. У. Очерки по якутскому фольклору. — Москва :
        Наука, 1974.

                                                                                                                                     133
   128   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138