Page 73 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 73

Уйбаанабыс! Онтон тимир о´охтоох балаакка, уонча хонор үтэ!
Вертолёт, самолёт, газик массыына… Эн кырдьык хомуньуус
буоллаххына, кытаанахтары кыай, доҕотторгун быы´аа!..

    Сүгэлээх буолар эбээт!
    Ол эрээри туох эрэ хом санаа кини дуу´атын эрийэр. Кини
тугу эрэ сыыспыт курдук, туохха эрэ бэйэтигэр хомойордоох
курдук. Туох эбитэ буолла? Булда суох и´эр? Күн аайы булт
табыллыбат эбээт. Онтон буолбатах. Сарсын дьонуттан ба-
рар? Суох, онтон буолбатах, барыахтаах! Б³р³л³р ынырык
бы´ыыларыттан? Ээ, онтон буолбатах, сиэстиннэр ээ, дьиикэй
кыыллар! Манан туоруохха дуу? Бэйи, бара тү´ү³ххэ, арыый
эрдэ буолуоҕа.
    Уонча мүнүүтэ хаамаат, үнүрүүн Васялыын хайытан му²нам-
мыт тииттэригэр кэтиллэ түстэ. Тайҕаҕа сүрэх таайыыта диэн
сүрдээх буолар. Хонууга, тахсан и´эн мас быы´ынан элэ²нэ-
тэн к³рбүтэ, Катя Соловьёва итии баагы ³р³ күдээриппитинэн,
дьиэтин диэки долгу´уйан эрэр. «Сиргэ ууран кэбис, мин ил-
дьиэм!» диэн ха´ыытаары гынан баран, баҕар, со´уйан, итии
ууну бэйэтигэр дьалкытыа диэн тардынан хаалла. Бу туран
кини кыайан бы´аарбатах ку´аҕанын дьэ ³йд³³т³: суор күтүр
кыргыттар баттахтарыттан хатыллыбыт ту´аҕы илдьэ барбы-
та… Ол чахчы ку´аҕан! Ити ту´унан дьонугар кэпсээбэтэ с³п.
Семён Ильич Васялыын сиэтти´эн, уоттарыттан са²ардыы тэ-
йэн эрэллэр. Мас та´ан му²нанаахтаабыттар. Биирдэрэ а²аар
атаҕа суох, биирдэрэ а²аар илиитэ суох…
    Киирэн кэлбитигэр, дьоно «хоонньуттан курупааскыны ойу-
тан та´аараарай» диэн одууласпыттарыгар, кини ³рүсү´эн этэ
оҕуста:
    — Мэлийдим, табаарыстар! Хата, бу… — Сонун сиэбиттэн
ыты´ын ³р³´өлүү то² отону сулбу тардан та´аарда. Дьон быыс
булан хомойбокко да хааллылар, мичээрдэ´эн сирэйдэрэ сэр-
гэхсийэ тү´ээхтээтилэр. Кыргыттар иккиэн кэлэннэр, хайала-
рын эрэ сир симэҕэ ойуулаах кү³х солко хасыы²ка былаатын
то´уйа охсон, куттаран ыллылар.
    Бу киэ´э Тогойкин аҕалбыт отунан-ма´ынан кыргыттар, хар-
дарыта сылдьаннар, хаа´ылаан бахсырыттылар уонна отонтон
ыланнар, Калмыковка биир курууска кисиэл бу´ардылар.
    А´ыы олорон, Коля барарын ту´унан сүбэлэстилэр. Тогой-
кин хайаан да барыахтааҕын, ол ту´унан сүбэлэ´эр наадалаа-
ҕын бары ³йдүүллэр. Ол гынан баран, бу кытаанах күннэргэ
кинини ыытан баран бэйэлэрэ эрэ хаалаллара олус дьулаан.
Ол дьулааннаах суол ту´унан кинилэр хас биирдиилэрэ санаан

                                                                                                                                      73
   68   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78