Page 74 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 74
эрэйдэнэр. Ол санааны дьон истэр гына са²арар олус ыара-
хан эбит. Дьулааннаах суол ту´унан са²арары ки´и хойутата
сатыыр үгэстээх.
Оттон Иванов тугу барытын ыараханыттан урут саҕалыы
ү³рэммит ки´и, онон бу ыарахан кэпсэтиини бүтэрэ охсон кэ-
би´иэн баҕарар.
— Тугу ылаҕын, Коля?
— Билбэтим… Туох да суох дии…
— Хайы´ары! — Вася Губин, са²арбыта олус солуута суо-
ҕуттан, бэйэтэ да бэрки´ээн умса к³р³н кэбистэ. Попов к³хсүн
этиппэхтээтэ. Фокин чахчы кэлэйэн, тү²нэри хайы´ан кэбистэ.
— Саамай с³п! — дии оҕуста Иванов, умнан сытарын ³йд³³н
ү³рбүт бы´ыынан. — Хайы´ары уонна суухарата…
— Кэбис! — Иванову ситэ са²арпакка, Тогойкин ха´ыытыы
түстэ. — Доруобай ки´и мин туох да буолуом суоҕа! Тыаҕа
отон араа´а, таба муоҕа, бэс сутуката…
Ити икки ардыгар Вася суухараларын тобоҕун ойутан аҕал-
быта — биэс киилэ холобурдаах баар эбит.
— Итинтэн ыл!
— Эн оонньуу барбаккын, — диэтэ Попов.
— Барыбыт ту´угар… Эн табыллыбатаххына…
Бу кэпсэтии ордук дири²ээн бараары гыммытын с³бүлээ-
бэккэ, Иванов ³рүсү´э соҕус этэ оҕуста:
— Чэ, ыл!
— Суох диэтим!..
— Оччоҕо барбаккын!..
Суухараттан туох да и´ин ылбат гына кытаанахтык сана-
нан олорбут Тогойкин барбатын истээт, на´аа со´уйда. Атты-
гар быраҕан сытыарар сонун ки²нээхтик сулбу тардан ылан,
ньилбэгэр быраҕынна, суухараттан биир ыты´ы умса харбаан
ылан сиэбигэр анньан кэбистэ.
Ити кэнниттэн арыый уоскуйаннар, а´ыы олороннор одо²-
додо² кэпсэппиттэрин түмүгэ маннык буолан таҕыста: Тогой-
кин икки күн устата тус илин диэки бардар бара турар. Ол ту-
хары ки´ини к³рсүбэтэҕинэ, суолу булбатаҕына, т³нн³р. Бүтүн
биричиинэй бы´аҕы, куруусканы уонна ку´уок саахары кытта
туус ылар. Ыарахан кэпсэтии бүтэрин кытта, бары сэргэхсийэ
түстүлэр. Ону-маны кэпсэтээри, Катяҕа тугу эмэ аахтараары
гыммыттарын Иванов «утуйа охсуохха!» диэн буойан кэбистэ.
Тогойкин сарсыарда эрдэ, дьоно утуйа сыттахтарына, им-
ньим туран баран хаалар кистэлэ² санаалаах сытта. Бырас-
тыыла´арга, баҕар, ки´и уйадыйан, ³лүү буолуо.
74