Page 75 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 75
Кини чахчы биир үчүгэйдээх уол этэ. Сарсыарда эрдэ ту-
рардаах буоллаҕына, сытаат, утуйа охсон хаалар. Оттон со-
рохтор дьэ ордук ³рүкүйэн, аанньа утуйбакка му²наналлар.
Тогойкин Ньукулай к³хсүн Вася Губин к³хсүгэр ыга аста,
ыраас от, хаар сыттаах сибиитэрэтинэн сирэйин сабынна да,
кытаанахтык утуйан хаалла.
Ахсыс күннэрэ ити курдук ааста.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Алдьархайга түбэспит дьон быы´анар суолу тобуларга хай-
дах туруммуттарын ту´унан бу бы´а тардыыга аахпыккы-
тыгар олоҕуран кэпсэти´и².
2. Ньукулай Тогойкин тобуллаҕас ³йүн, кы´ы²²ы тыаҕа сыл-
дьар ү³рүйэхтэрин ханнык түгэннэр туо´улуулларый?
3. Семён Ильич Коловоротов оҕонньор уонна эдэр дьон кэпсэ-
тиилэригэр тугу бэлиэтии, кэрэхсии к³рдүгүт?
4. Ааптар айымньы биирдиилээн дьонун (холобур, Ньукулай
Тогойкин, Вася Губин, Коловоротов, онтон да атыттар) май-
гыларын ханнык ньымалары туттан арыйарын кэтээн к³р,
бэлиэтэн.
5. Куттал, сэрэхэдийии, хомойуу, хом санаа, ү³рүү, эрэл, уйа-
дыйыы, сэргэхсийии, онтон да атын санаа, иэйии араа´ын,
уйулҕа хамсаа´ынын ааптар хайдах тиэрдэрий?
6. Сэ´эн тутула алдьархайга түбэспит дьон тайҕа ортотугар
с³мөлү³т сэмнэҕэр олорон а´арбыт 12 күннэрин баты´а си-
´илиир. Суруйааччы айымньыны маннык наардаабыта туох
ордуктааҕын бы´аарарга холону².
Тыыннаах тыл
Саха сирин кы´ы²²ы тыйыс айылҕата уонна ки´и уйулҕата
алты´алларын бу айымньыга к³рд³рүү туох суолталааҕын
бы´ааран кэпсииргэ холону².
Суор уонна кыргыттар баттахтарыттан хатыллыбыт туһах…
Бу быстах түгэн Тогойкин санаатын аймаабыт. Тоҕо? Эһиги
сэһэн ис хоһоонуттан сиэттэрэн тоҕотун сиһилии быһаарар-
га холонуҥ. Итинник тоҕо диэн ыйытыыны эрэйэр быстах
түгэннэри айымньыттан булан, бэйэ-бэйэҕитигэр бэрсиҥ,
хардатын болҕойон истиҥ, ситэрсиҥ.
Ньукулай Тогойкин хорсун сырыытыгар дьүөрэлээх, алдьар-
хайга түбэһэн баран тыыннаах хааларга дьулуспут, киһини
75