Page 80 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 80
хэ, хочолоох алаас иккиэн к³стүбэттэр. Аҕыйахтык атыллыыр-
гын кытта хайалара да эмискэччи нэлэс гына тү´эр. Илин диэ-
ки — Баатты хочото, арҕаа диэки — Кэдэлдьи алаа´а.
Мин оҕо эрдэхпинэ, күн аайы онон сылдьар этим. Күн аайы.
Ол эрээри, хочо дуу, алаас дуу иннибэр эмискэччи нэлэс гына
түстэхтэринэ, мэлдьи ү³рүүлээхтик со´уйар буоларым. Илии-
бин быластаабытынан халдьаайыны та²нары сүүрэр этим. Ол
сүүрэн и´эн хайдах эрэ саталлаахтык ³р³ ыстанан кэбиспит
ки´и алаа´ы, хочону үрдүнэн элиэтии к³т³н талбаара туруох
курдук этэ. Саталлаахтык эрэ ³р³ ыстаммыт ки´и…
Эбэтэр ол били халдьаайыны сүдү улахан тимир күрдьэҕи-
нэн л³глү ба´ыталаан, ырыых-ыраах илгитэлээн кэбиспит ки´и
дии саныырым. Улуу алаа´ы кытта улуу хочону холбоон, киэ²
куйаар о²орон нэлэ´иппит ки´и дии саныырым…
Арҕас халдьаайы Баатты диэки э²ээригэр сүрдээх кыара-
ҕас, и²нэри сиргэ Роман Семёнов кыстыктаах сайылыга тэл-
лэх батта´а тураллар. Кы´ыныгар сайылык дьиэҕэ то²мут үүтү,
астаммыт бурдугу уураллар. Сайыныгар кыстык дьиэҕэ үүт
кыынньараллар, бурдук астыыллар, тирии имитэллэр. Роман-
наах сүрдээх бүтэ²и олохтоох, кэлбэт-барбат ыал. Кинилэр
быйыл хас бугулу оттообуттара, т³´³ түүтэҕи быспыттара, туох
идэ´элээхтэрэ, хас ыанньыктаахтара биллибэт.
Биир сут-кураан сыл мин эбэм эмээхсин Романнаахха «кэп-
сэттэ». Бырааппын тү³ртээх-биэстээх уолу илдьэ барда.
Бырааппын, эбэбин ахтыы б³ҕ³түн ахтабын да, сааспар сыл-
дьыбатах ыалбыттан толлон, ³рг³ диэри барбакка сырыттым.
Онтон эбэм бэйэтэ ³р³ күүдэпчилэнэн кэлэн илдьэ барда.
Ыйда²а киэ´э. Хайы´ар курдук ³р³ мэтэрийэ то²мут этэр-
бэстэринэн сыыйыта тэбиэлээн халдьаайыны дабайан саллыр-
ҕайдаан и´эн, эбэм уо´ун кытта баллыгырыыр:
— Эбэтин били²²иттэн умнубут. Эрэйбин ылбахтаабыт оҕо.
Харахпар к³стүбэт буолан эрэр…
Кини хараҕар к³´үннэхпинэ, эрэйэ боруостанар курдук са-
ныырыттан ыгылыйабын, ытаамаары, суолга сылгы то² киитэ
бытарыйа сытарын ыраах ү²күрүтэ тэбиэлиибин.
— Ха´ан кинилэр улаатыахтарыгар диэри уон к³с. Онуоха
диэри миигинник баҕас буору кытта буор да буолаа инибин.
Тура сылдьан ³л³н хаалбыт ки´и абыраныа этэ. Харахпыттан
мэлийэн эрэбин. Букатын сабыллан хаалыам баар дии. Та²а-
ра онно тиэрдибэтэр…
— Би´иги сирдээн сылдьыахпыт буоллаҕа дии! Аны ³л³рүн
та²араттан к³рд³ст³. Э²ин араас буолан!..
80