Page 84 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 84
гыллыбыт лэкэгэр т³б³л³³х, уол оҕолуу та²астаах, уол оҕолуу
бы´ыылаах-тутуулаах кыра кыы´ы ³йдүүбүн.
К³рсү´э тү´ээт, суолугар туора турунан кэби´иэхпин баҕа-
рабын уонна… уонна, ойуур титириктэрэ бука бары ү³рэн сэ-
гэлдьи´э тү´ү³хтэригэр диэри, тү³´үм түгэҕиттэн сүр чуордук
этиэхпин баҕарабын:
«Га-ла-ба баль-ша-я! Мотуо-Мотуруона, чыычааҕым оҕотоо!
Ама да эн бэйэлээх буолту² и´ин, сатаатар кэпсэтэ тү´эри²
баҕалаах…»
Инньэ диирим кэлиэ дуо? Эдэр уол буолан баран эдэр
кыы´ы кытта кэпсэтиэм дуо, «сүрэ бэрт» буоллаҕа дии…
III
Онтон ити кэлэн мин оскуолабар, миэхэ сылдьан ааста.
Бу күнтэн ылата мин тулабар туох барыта тубуста, киэркэй-
дэ. ¥³рэтэр оҕолорум, кыараҕас хо´ум, иттэр о´оҕум, та´ыр-
дьа хаар, халлаа²²а күн — бука барыта ордук сырдаата, сэр-
гэхсийдэ, киэркэйдэ…
Аҕыйах хонугунан баскы´ыанньаҕа дьиэбэр ³р³³н баран,
эрдэ сарсыарда туран оскуолабар бардым, уоспар туох к³т³н
түспүтүнэн ыллыы-ыллыы сылыбыраччы айаннатан, оскуола-
бар чуга´аан и´эммин, биир ү³рэх уолун ситэммин сыарҕабар
олортум.
— Кэпсээни², доҕоор?
— Суох. Арай б³лүүн Мотуруона кыыс ³лбүт.
— Мотуо дуо, нохоо?!
Сарсыардаа²²ы дьыбардаах салгы²²а чачайа харан хаал-
лым…
— Эдьиийин аахтан ыалдьан тиийбит. ¥с хонукка сэбиргэх
дьа²ыгар ыалдьан сыппыт…
***
Ол сайыныгар, сарсын сарсыарда куоракка ү³рэнэ бараары
сылдьан, кинилэр дьиэлэригэр ойон киирдим. Кырдьык, ынах
хомуйа дуу үлэҕэ барбыттар. Арай Мотуо эбэтэ кырдьаҕас
эмээхсин ыллаан тарыкынайа сылдьар кү³рэгэй чыычаахтаах
испиискэ хаатын туппутунан соҕотоҕун ытыы олорор эбит.
— Ким киирди² бу?.. Мин оҕом Мотуо түүн ү³´үн саҕана
маны илиибэр туттаран кэбиспитэ уонна… уонна сарсыарда-
нан, халлаан са²ардыы сырдаан эрдэҕинэ… баран хаалбыта…
Кырдьык, ынах хомуйа дуу, моонньоҕоннуу дуу барбыта
буолуо, мичилийэ к³рбүтүнэн сибилигин киирэн кэлиэ диэх
курдук этэ…
84