Page 86 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 86

«Сылаас, сырдык сыдьаайдан,
                         Саха оҕуһунуу!
                         Баай дууһалан, баай дьайыылан,
                         Саха тылыныы!»

— диэн алгыстаах кэриэс тылын ыччакка хаалларбыта. Ол
курдук кини айымньыларын элбэх көлүөнэ оҕо аймах ааҕан,
саха киһитин майгытын-сигилитин, олоҕун-дьаһаҕын, өйүн-са-
наатын сылаас сүүрээнин этигэр-хааныгар толору иҥэринэн
улааппыта.

    Бу туһунан норуодунай бэйиэт Савва Тарасов манныгы бэ-
лиэтиир: «Кини күнүн сирин таптаан ыллаабыта, төрөөбүт тө-
рүт тылын харыстаспыта-харааннаспыта, өбүгэлэрин кэриэс-
тэрин үрдүктүк тутар туһугар турууласпыта. Ол да иһин кини
күн бүгүн ырыаҕа ылланар, бар дьоно кинини өлбөт үйэлиир,
кини аата кэнчээри ыччакка кэрэтик ахтыллар, дьон-сэргэ кэс
тылыгар дуораһыйар».

    Бэйиэт үс суолтан үөрэммитин ыйарыгар норуот ырыала-
рын, олоҥхону бастаппыта. Иккис үөрэммиттэрин ахсааныгар
саха бастакы бэйиэттэрин А. Софроновы, П. Ойуунускайы,
К. Уурастыырабы, Эллэйи ааттаабыта. Онтон нууччалыы ааҕар
буолуоҕуттан А. Пушкин, М. Лермонтов, Г. Гейне, С. Есенин,
А. Блок, М. Исаковскай диэн бэлиэтиир.

    Оҕолоор, Семён Данилов саҥа үйэни, саҥа олоҕу төрөөбүт
норуотун хараҕынан көрөн, өйүнэн өйдөөн, истиҥ дууһатынан
долгуйан туран туойбут, хоһуйбут сырдык сыдьаайдаах поэзия-
тын сүрэххитинэн таптааҥ, өйдөөҥ, ылыныҥ.

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Эһиги санааҕытыгар, суруйааччы «дьолум» диэн тугу аат-
        тыырый?

    2. Ыччакка анаабыт алгыһыгар туох санааны эппитий?
    3. Бэйиэт буоларга үөрэммит үс суолун быһаарсыҥ.

Ааҕыы, ырытыы

                      Манчаары маҥан ата

                         Саас — халлаан ылаарыыта,
                         Сайын буһурук түһүүтэ,
                         Эбэтэр кыһын салаллыыта

  86
   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90   91