Page 90 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 90

ЛИТЕРАТУРАЛАР АЛТЫҺЫЫЛАРА

       Саха норуодунай бэйиэтэ Семён Данилов «Саха быһаҕа»
  уонна эбээн поэтессата В.Г. Белолюбская—Варвара Аркук
  «Булчут быһаҕа» хоһоонноруттан быһа тардыылары ырытан,
  норуоттары чугаһатар, истиҥник санаһар иэйиини уһугунна-
  рыы баарын дакаастааҥ.

                       Аал уоту тигинэтээри,
                       Кыспа кыһан тууспаннатар,
                       Алаһа дьиэни сырдатаары,
                       Тымтык тыыран дьырылатар,
                       Тайах сүлэр, киис таҥастыыр —
                       Бары үлэҕэ хапсаҕай
                       Саха сытыы быһыччата,
                       Саталлаах, мындыр быһаҕа. («Саха быһаҕа»)

                       Дьиҥнээх эр киһи
                       Буолуоххар баҕараммын,
                       Эйиэхэ бэлэхтиибин
                       Эбээн сытыы быһаҕын.
                       Булчут киһи олоҕор
                       Быһах мэлдьи сыаналаах,
                       ...
                       Эн ити биилээҕи
                       Кыыныгар уган кэбис —
                       Угун уран тарбахтаах
                       Ойуу быһан тупсарыахтаах. («Булчут быһаҕа»)

                                                                          КЭРЭ ЭЙГЭТИГЭР

       Н.И. Егоров—Баайаҕыын, Б.Ф. Неустроев — Мандар Уус
  «Саха быһаҕа» диэн кинигэҕэ өбүгэлэрбит саҕаттан күн бү-
  гүҥҥэ диэри саха быһаҕын сайдыытын, уратытын анааран
  көрөллөр. Эһиги бу кинигэни ааҕан тимири уһаарыы, уһаныы,
  быһаҕы охсуу ньымаларын, кистэлэҥнэрин кытта билсиэххит,
  билиигит-көрүүгүт кэҥиэ.

90
   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95