Page 89 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 89
Чороон айаҕы ньургутар,
Наада күнүгэр иччитин
Алдьархайтан быыһаан ылар,
Сахам сытыы быһыччата,
Эрэл доҕоро — быһаҕа.
Атыыга сылдьар аналлаах,
Алмаас, көмүс ойуулаах,
Үрдүк үтүөлээх көкөт,
Өһүөн бардам дьүүлдьүтэ —
Кыргыһыыга кынаттанар
Кырыктаах кынчаалларыгар,
Саараамаҥ, атастаспаппын
Сахам бүрэ быһаҕын.
Тыыннаах тыл
Бэйиэт хоһооҥҥо саха быһаҕын уратытын, аналын, туһатын
ойуулуур кэрчиктэрин болҕойон аах. Кэпсэтиигэ кыттыс.
«Хатарыыта модьу-таҕа», «Бары үлэҕэ хапсаҕай», «Сатал-
лаах, мындыр» диэн С. Данилов быһах нөҥүө саха киһитин
майгытын көрдөрөр түгэннэрин тылгытынан быһаарсыҥ.
«Наада күнүгэр иччитин
Алдьархайтан быыһаан ылар»
диэн бэйиэт этиитин күннээҕи олоххо сыһыаран кэпсээ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
«Мин Сэмэн Даниловым» уус-уран дьүһүйүүгэ холонуҥ.
1. Мин бэйиэт Семён Данилов аатын аан бастаан хаһан,
ханна истибиппиний? 2. С. Данилов миэхэ хайа өттүнэн чу-
гаһый? (тус санаа) 3. Суруйааччы туһунан өссө тугу билиэхпин
баҕардым.
Анаан дьүүллэһии
«Кыргыһыыга кынаттанар
Кырыктаах кынчаалларыгар
Саараамаҥ, атастаспаппын
Сахам бүрэ быһаҕын», —
хоһоон түмүктүүр строфатын тойонноо, тус санааҕын, көрүү-
гүн эт.
89