Page 87 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 87
Өрүү мин биири түһүүбүн:
Арыт үрүҥ холорук буолан,
Арыт маҥан кыталык буолан,
Өрүү мин түүлбэр киирэр,
Өрүү көстө күлүбүрэр
Манчаары маҥан ата,
Манчаары албан аата.
Ахтыллыа суоҕа мин аатым
Кыыс тапталын хоһуйар
Ымсыылаах ырыатыгар,
Аҕам дьон кэс тылыгар.
Атаас, ол эрээри
сурт кэриэстээх,
Өтөх төҥүргэстээх:
Олоххо мин да саатанар
Омоон суолум баар, хаалар.
Мин омоон суолум —
Хоһооннорум —
Мин улгум соноҕосторум!
Тохтообокко, бүдүрүйбэккэ,
Дьон өйүттэн сүппэккэ,
Манчаары маҥан атыныы,
Үйэлэргэ айанныы
Көтүҥ Өлүөнэ үөһүнэн,
Киэҥ, алаас сирдэринэн.
Мин оҕолорум —
Мин хоһооннорум,
Арыт маҥан холорук буолан,
Арыт үрүҥ кыталык буолан
Алаас дьонугар санатыҥ
Манчаары
Маҥан
атын.
1962 с.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Бэйиэт «сурт кэриэстээх, өтөх төҥүргэстээх» диэн норуот
өһүн хоһоонун туох суолтаҕа туттубутун быһаарсыҥ.
2. Бэйиэт түүлүн символа тугуй? Олоҕун суолун «Хоһоонно-
рум — соноҕосторум» диэн тугу этэрин тойонноон көрүҥ.
87