Page 91 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 91

Ааҕыы, cэ´эргэ´ии

                   Хомус

Хомус — лирика,
Хомус — поэзия,
Норуот сүрэҕин өспөтөх мөҥүлгэнэ.
Кини алгыһа,
Кини кырыыһа,
Кини көҥүлүн дьикти көмүскэлэ.
Хомус муҥатыйар, дьүрүһүйэр
Былыргы дьоннор иэйиилэринэн,
Ааспыт кэм
Дьигискэнэ дьигиһийэр
Былыргы кэмнэр иэдээннэринэн.
Хомус ытамньыйар,

          иэйэр-туойар
Былыргы кыргыттар муҥнарынан,
Арыт кыланар,
Арыт уорастыйар
Тааллыбатах тапталлар аһыыларынан,
Оо, ол эрээри,
Мин өрүү истэбин —
Өбүгэлэртэн

          үөттэриилээх
                          сүрэхпинэн,

Туохтан эрэ
Сиргэ киирэ кыбыста,
Тоҕо эрэ
Аар-татай! — дии кэмиринэ,
Идэмэрдээх кыргыс
Иһиллибэтэх илбиһин!
Хомус — лирика,
Хомус — поэзия,
Бар дьон сүрэҕин көҥүлгэ мөҥүлгэнэ.

       Олоҥхо кэнниттэн

Олоҥхо уоһунна.
Олоҥхо уурайда.
Олох оонньуута,

                 түбүгэ кыһайда.

                                       91
   86   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96