Page 93 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 93
Доҕоруом,
буор дойду оччугуй оҕотоо,
Омуна суох дойду
урааҥхай оҕотоо!
Ол иһин,
Ол иһин бухатыыр буолаҕын.
Биһиги үрүлүйэр —
үлүскэн үлэбит,
Мөҥүрүүр мөккүөрбүт,
көмүөллүү күүрээммит
Сирбитин симиир,
сир олоҕун киэргэтэр,
Сир эстибэт
эрчимин
элбэтэр.
Манна баар барыта,
бу күн анныгар,
Омуна суох
орто туруу дойдуга…
Олоҥхо уоһунна,
олоҥхо уурайда,
Олох түбүктээх
тойуга дуорайда.
1963 с.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Бэйиэт хоһоонноругар тылын баайа, сиэдэрэйэ кини баай
духуобунай санаатын туо´улуурун дакаастааҥ.
2. Семён Данилов тылы-өһү, кы´амньылаах уус кэриэтэ, араас-
таан ³²н³³н-дьүһүннээн музыкальнайдык та´аарарын ту´у-
нан санааҕын эт.
3. Бэйиэт сүрүн ыалдьар, охсуһар, бигэргэтэр проблематын
тиэкистэн булан быһаарсыҥ.
4. Хоһоон тыына, сүрүн санаата туох буоларын дакаастааҥ.
АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ
«Эн Семён Даниловка билиҥҥи кэм туһунан тугу этиэҥ,
кэпсиэҥ этэй?» хоһоонун тылынан суруйарга холонон көрүҥ.
93