Page 96 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 96
охсу´уу кыайбат кылаан ³рг³с санаалаах, хааннаах ³с чаҕып-
пат хатан бии хааннаах Тумат омуктар, тоҕо э´иги, уот ку-
раа²²а уу уоларыныы, уолан-уостан баранаҕыт, и²эн-сүтэн
и´эҕит?! Тоҕо? Ким этиэй ону киниэхэ? Аастыйбыт т³б³түн
т³²к³т³н, араанын аал уотун иннигэр олорон Бакамда оҕон-
ньор ону-маны эргитэ саныыра.
На²на´ынынан сабыта уурталаан о²о´уллубут кыракый буор
холомо и´игэр-та´ыгар кини кэннэ ким да суоҕа, чуугунуур
чуумпу сатыылаабыт этэ.
Бакамда кырыйда, хас маннык саа´ы к³рсүбүтүн бэйэтэ да
умунна. Арай соҕотох уолун кэлэн умса ууран барыахтарыттан
ыла кини кэтит санныгар уон алта т³гүл кырыа хаар тү´эн уул-
лубутун — уон алта сыл ааспытын бэрт үчүгэйдик билэр. Ол
тухары кинилэр са´ан олорбут тыымпыларыгар икки атахтаах
үктэммэтэ, иннинэн сирэйдээх таба хаампата. Ити сыллар,
тирии мэрэкэ долгу²²а уйдаран, ³рүс сүүрүгүн хоту дэллэ-
йэ устарыныы, олох күннээҕи кы´амыттан тахсыбакка, нус ба-
рааннык, уу чуумпутук устан аастылар. Кү³х далайга киирдэх-
хэ, к³мүс хатырыктаах араа´а, Эргэнэ Хара Тыаҕа таҕыстахха,
булт басты²а дэлэй буолан, оҕонньор сиэниниин айахтарыгар
а´ыыр астарынан ааспакка, та²нар та²астарынан татыарый-
бакка олорон кэллилэр.
Уолун кэргэнэ Майынчы То² Биистэр кэлэн барбыттарын
кэнниттэн ³рүттүбэтэҕэ, сотору ³лбүтэ. Кини у²уоҕун Бакамда
туппута: уолун харайбыт сиригэр ара²ас о²орон, туох баар
мааны та²а´ын та²ыннаран баран, онно уурбута уонна анны-
гар куру²ах мас чохчолоон уматан кэбиспитэ. У²уох-тирии
буолбут ³лүгү уот ³р гымматаҕа: тугун да ордорбокко сиэн
күдэ²²э к³түппүтэ. Дьирикинэйдэр кыыстарын, бука, оннук
у²уох тутуохтара суоҕа эбитэ буолуо. Кинилэр, үгэстэринэн,
кыыстарыгар мааны та²а´ын та²ыннаран, киэргэллээх, о´уор-
даах-мандардаах сыарҕаҕа олордон, икки атахтаах тиийбэт,
сылдьыбат ыраах сиригэр, Улуу Маҕан Дуол ү³´үгэр кил-
лэрэн табаларын сүнньүгэ анньан ³л³р³н, ол курдук сыарҕа-
лары хаалларан кэлиэ этилэр. Бакамда ону да билэрэ буолан
баран, уолун дьахтарын Туматтар үгэстэринэн у²уох тутан,
ыраах-ыраах ³бүгэлэрин сиригэр күдэн буолан к³ппүт уолугар
ыыппыта.
Майынчы кэргэн буолуоҕуттан ыалдьара. Баҕар, онно дьо-
нун кыайан-хотон, ³л³р³н-³´³р³н, кинини күүстэринэн ойох
гыммыттара т³рү³т буолбута эбитэ дуу: Туматтарга дьахтар
буолаат, туохтан барытыттан куттаммыт-толлубут курдук ча-
96