Page 97 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 97
ҕылы²нас харахтаах кубаҕай кыысчаан ииммитинэн-хаппы-
тынан барбыта. ¥рэн хо´уун кинини тара²наппат этэ. Дьахтар-
даах эр ки´и балачча у´уннук олорбуттарын эрэ кэннэ Даҕанча
т³р³³бүтэ.
То² Биистэр саба тү´эр ол амырыын сахтарыгар Майын-
чы ³л³р охтуутун охто сытара. Та´ыттан ³л³р³-³´³р³ киирбит
Ма²ан Мэкчэлээх ыалдьа сытар дьахтарга кы´амматахтара.
¥рэн т³рү³ҕүн, уол оҕону, сураспыттара. Хата ону э´этэ Ба-
камда эрдэттэн сэрэйэн, сиэнин ийэтин хоонньуттан хостуу
тардан ылан, да² уму´аҕар бырахпыта уонна үрдүнэн куобах
нэ²ин саба тардан кэбиспитэ. Инньэ гынан Даҕанча тыыннаах
хаалбыта.
Туматтар эстибит-быстыбыт, уола ³лбүт, дьоло дьалбарый-
быт сиргэ, Туманнаах Түбэҕэ, Бакамда тохтуур санаата суо-
ҕа. Кини бу ³с-саас анысханнаах аартыга а´ыллыбыт сиригэр
бүдүгүрэ кырдьыбыт оҕонньор уу ньулдьаҕай оҕолуун кыайан
олорботторун билэрэ. Ол и´ин ³рд³³ҕүттэн бэлиэтии к³рбүт
сиригэр, булчут булбатах, к³с дьон к³рб³т³х кыра, аата-суола
суох үрэх т³б³түгэр бүтэй тыымпы кү³лгэ тахсан буор холомо
о²остон, онтукатын хатырыгынан сабан, на²на´ынынан үллү-
йэн, онно олохсуйбута.
Оҕонньор араан ойоҕо´угар турар улахан нэлэгэр туос и´ик-
кэ ууга сытар силистэри биир-биир ылан удьурҕай уктаах, ха-
ра ү³стээх улахан саха бы´аҕынан саас-саа´ынан тыырталаан
барбыта. Кини ону туу ³р³рг³ бэлэмниирэ.
Сотору хаар ууллуо, модун сүүрүктэр кү³лгэ, ³рүскэ кутул-
луохтара. Оччоҕо муус ырбыыланыа. Ол онно, са²а ыраас ууга,
балык тахсыаҕа. Сыл аайы Бакамда саас ырбыыга туулаан
сыыс балыгы с³бүлүүрүнэн холоон ылар буолара. Ону баара
быйыл кү´үн муус то²ор ыйыгар оҕонньор тү³рт туулааҕыттан
иккитин куула олгуй иччитэ харда² э´э уоран к³р³н баран,
сатаан тылбыытын укпакка, кыйаханан үлтү сынньан кэбистэҕэ
ү´ү. Күүстээҕэ-уохтааҕа, эдэрэ эбитэ буоллар, Бакамда итин-
ник сирэйэ-хараҕа суох атаҕастабылы таах хаалларыа суоҕа,
иэстэ´иэ этэ. Туматтар сиэрдэрэ-майгылара оннугу эрэйэрэ.
Ууга сымнаабыт силис тыырарга дэбигис. Оҕонньор ү³рү-
йэх тарбахтарын быы´ынан субуллар утахтар синньигэс уонна
у´ун этилэр. Оттон кини саныыр санаата оннооҕор у´уна, эмиэ
аргыый быыстала суох сыыйыллара.
Мэлэмэнэйдээх Илээ²ки кубулҕаттара кинилэри Туматтар
сүрүн тү³лбэлэриттэн араарыаҕыттан ыла туспа баран даҕаны
түптээн-таптаан олох диэн олордулар дуо? Ол сыллар тухары
97