Page 99 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 99

буолумуна даҕаны, сиртэн сиргэ үүрүллэн-үтүрүллэн, сыҕары-
йан-куотан биэрэр дьо²²о бэйэлэрин туруула´ан к³мүскэнэр
эрэ дьоннор ту´алаахтара, иринньэх айах адаҕалара боҕуу
эрэ буолаллара. Кини билгэлээн, чинчийэн к³рд³ҕүнэ, бадаҕа,
кини сиэниттэн, Даҕанчаттан, ки´и ку´аҕана, ки´и м³лт³ҕ³ тах-
сыа суох. Баҕар, ³лүүттэн ³рү´үйэр, былаҕайга былдьаппат
Тумат омуктар охсор илиилэрэ, тэбэр туйахтара буолар, биис
уу´ун к³мүскүүр хо´уун бэрдэ тахсыа. Аҕатын ¥рэн, э´этин
Бакамда туйахтарын хатарыа — ¥с Бэлиэлээх хо´уун буолуо.
Ол да и´ин Бакамда кинини ү³рэтэ-у´уйа сатаата.

    Э´этэ сылтан сыл аайы м³лтүүр-ахсыыр этэ, оттон сиэнэ
уол түргэнник улаатара, күү´үрэн-уоҕуран и´эрэ. Даҕанча улам
ситэн, улахан дьонтон итэҕэ´э суох үрдүк у²уохтаммыта, хонук
хоннох, күн ³р³³т³х аайы улам дараҕар сарыннанан, бүтэй
бүлгүннэнэн испитэ. Кини сайынын-кы´ынын тыаттан киирбэ-
тэ: күн аайы Эргэнэ Хара Тыатыгар тахса турара. Э´этэ аны
чугастааҕы ту´аҕар, сохсотугар эрэ сылдьар буолбута. ¥ксүгэр
сиэнэ бултаан киллэрбит булдун астыыра-та²астыыра.

    Даҕанча улаатан истэҕин аайы ыраатан, хардыыта кэ²ээн
испитэ, бэрт үгүс сирдэри тилийэ хаампыта. Кини булду со-
нордоон, сайынын э´этэ улларбыт сымнаҕас түү уллу²наах
чэпчэки түнэ этэрбэс кэтэн, сатыы, кы´ынын эмиэ э´этэ о²ор-
бут таба ты´а бүрү³лээх То² Биистэр туут хайы´ардарынан
тула силээннэри, түбэлэри, тээннэри, дьопколору, ээйэлэри,
буҕардары кэрийэн тахсара. Эдэр булчут, чубуку диэн сытыы
туйахтаах, турууктартан и²нибэт кытыгырас кыыллары сойуо-
ла´а, халлаа²²а диэри харбыаласпыт Чачыгыр Таас Дьаа-
²ыларга тиийтэлиир буолбута, хотуттан, Муус Кудулу Далай
арыыларыттан, тахсар, сир титириир үгүс ү³рдээх мэйиилэни
бултаары, Улуу Маҕан Дуолу у´аты-туора сыыйара, бардар
бараммат Баай Хара Тыаҕа тахсан, түргэн сырыылаах элик
кыылы эккирэти´эрэ. Са²а ситэн, этэ-хаана бугу´уйан эрэр
эдэр уолга сү´ү³ҕүн тэнитиэххэ, хаанын оонньотуохха айылаах
булт кэмнээх буолуо дуо бу Орто Аан Ийэ дойдуга?! Сырыыны
сырыттаҕын, булду бултаатаҕын аайы уу ньулдьаҕай бэйэтэ
эрдийэн, эриллэн-буруллан, бу´ан-хатан аллаах атахтанан,
хоннохтоох холлонон, илбистээх илиилэнэн испитэ Бакамда
сиэнэ Даҕанча.

                                                                                                                                      99
   94   95   96   97   98   99   100   101   102   103   104