Page 104 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 104

дар улуу ³рүстэригэр киириэ², онон эмиэ барыма. ¥с үрэхтэн
ортокутун тутус. Ол Тү²кэтэх үрэх, ыппыт охтуу, тус соҕуруу
тү´ү³ҕэ, барар сиргэр чопчу тиэрдиэҕэ.

    Тү²кэтэх үрэх таас кырбааттартан ³р³ тэйэ сытар сирдэ-
рин аа´ан, аллара киирдэххинэ, үрэҕи² балачча кэ²иэ, дэ-
билкэй сүүрүктээх дохсун ³рүскэ кубулуйуо. Кини икки ³тт³
сатыы ки´и эрэйинэн айанныыр мас аабылаана буолуо. Ол
и´ин ³рүс сылбаҕыттан бэйэҕин уйар с³пт³³х суон сыгынах
булунан, онно олорон айаннаа.

    Тү²кэтэх үрэх ү³´ээ сүүрүгүн, булду эккирэти´э, Дьири-
кинэйдэр бэрт үгүстүк бы´а охсон аа´аллар. Эн кинилэртэн
бэркэ диэн сэрэн. Кинилэр быстан-ойдон сылдьар эбэтэр
аҕыйах ахсааннаах дьо²²о кыырт курдук саба тү´ээччилэр.
Оттон Тү²кэтэх үрэх аллараа сүүрүгүн диэкинэн ха²ас диэки
Тыа´ыкыт, Тылгыны, Мастаах диэн улуу кү³ллэр бааллар, ол
онно Саха Ураа²хайдар улуу ³рүстэриттэн тахсан олохсуй-
буттара ыраатта. Эн кинилэр харахтарын далыгар киирбэккэ
айаннаа.

    Күнү´үн бүк сирдэргэ тахсан утуй, түүнүн сыгынаххар ар-
баҕынан саптан у´ун.

    Ол курдук айаннаан, этэ²²э буоллаххына, Киэ² Кэллээмэ
эбэҕэ тиийиэҕи². Ол ³рүскэ, Киэ² Кэллээмэҕэ, бэрт үгүс
биистэр: Хоролор, Дьирикинэйдэр, Туматтар, Саха Ураа²-
хайдар — бары симсэ-үтүрү´э, бэйэ-бэйэлэрин баайдарыгар
и²сэрсэ олороллор. ¥гүс хааны тохпут, охсу´ууга-³л³рсүүгэ
ү³рүйэх Киэ² Кэллээмэ урдустарын кытта соҕотоҕун кыайан
туруула´ыа² суоҕа — соҕотоҕун То² Биистэргэ тиийдэххинэ,
Ма²ан Мэкчэ ү²үүтүн-бата´ын а´ылыга буолуоҕу². Ол и´ин
ол онно, Киэ² Кэллээмэ эбэҕэ, Бэрдьигэстээх Дэбэ²дэ диэн
сиргэ олохтоох Туматтарга тиий. Эн кинилэри умайар уот
кы´ыл та²астарынан эндэппэккэ билиэҕи². Онно Арчикаан
диэн хо´уун баар буолуоҕа. Эн киниэхэ тиийэн мин ааппыт-
тан к³рд³с.

    Даҕанча э´этин тылларыттан эгди буолбута.
    — С³п, э´ээ, инньэ гыныаҕым.
    Бакамда ³бүгэлэрин дойдуларын тоҕо эрэ күн аннын диэ-
ки баар, сып-сырылас сылаас тыаллаах, уйаара-кэйээрэ бил-
либэт киэ² тунаар дойду диэн ³йүгэр о²орон к³р³р³. Кини
онно барыахтаах этэ. Күн анныгар у´уннук олорон бу дойдуга
о²орорун бүтэрбит, иэ´ин т³л³³бүт, ³бүгэлэрин дойдулары-
гар аттанара уолдьаспыт ки´и бы´ыытынан айанын тэриирин
тэринэр айдааныгар түспүтэ. Кини туох баар та²а´ын-сабын,

 104
   99   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109