Page 108 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 108
тан к³рд³хх³, алларааҥ²ы Туматтар холомолоруттан буола-
ра саарбаҕа суоҕа; оттон Даҕанча Туматтарга кэлбитэ эбээт,
ха´ан эрэ син биир кинилэргэ киириэхтээҕэ. Ол и´ин к³²үлүн
кү³мчүлэтэн эрэр Тумат ордуос, дохсун санаатын утарыла´ар
табыга´а суох диэн Дьирикинэйдэр сэрэх, мындыр санаалара
ба´ыйбыта.
Иэмэх курдук имигэстик иэҕиллэ ³ҕүллүбүт алакаа си´ин,
хара быарын ортотунан кы²аан турар к³н³ оноҕос сып-сытыы
у´уктаах т³б³түн, ала²аа кирсин субу аҕай т³л³ ы´ыктыах-
ха айылаах сыҕарыйан эрэр синньигэс тарбахтары уол элэс
к³р³н а´арбыта уонна тутан турар ү²үүтүн сэппэрээк быы´ы-
гар бырахпыта.
— Бар! — хо´уун холомолор диэки ыйбыта.
Даҕанча, т³б³түн санньыччы туттан, таас эркини кэрийэ
бастаан барбыта. Ала²аалаах хо´уун кини ´элии муо´а у´ук-
таах, талах сигэлээх олус модороон ү²үүтүн ылан муодар-
ҕаабыттыы эргим-ургум туппутун хараҕын кырыытынан к³р³н
а´арбыта.
Кинилэр баты´ыспытынан, Даҕанча арыый инники, кы´ыл
дьэрэкээн та²астаах хо´уун киниттэн арыый хаалан кэнники,
быста турар таас эмпэни кэрийэ барар ыллык устун сэппэрээк
быы´ынан ха²ас диэки балачча ³р айаннаабыттара. Кыараҕас
ыллыгы саба үмүрүччү үүммүт хойуу сэппэрээк быы´ыгар элэс
гынан, Даҕанча кэнниттэн баты´ан и´эр хо´уунтан хаста да
мүччү туттарыан санаталаабыта. Кини ол ахсым санаатын хас
сырыы аайы ханнык эрэ биллибэт күүс тохтотон испитэ. Ол
күүс уолу туппут хо´уун холку бы´ыыта эбитэ дуу? Кини эйэ-
дэмнээх тас к³рү²э дуу? Сиэдэрэй кы´ыл дьэрэкээн ойуулаах
сонноох, киис кыыл тириитэ бүүрүктээх үрдүк бэргэ´элээх дьо-
ҕус у²уохтаах хо´уун сытыы оноҕо´унан уол к³хсүн хараҕын
кы²аабакка, эйэ дэмнээхтик ха²ас илиитигэр уол ү²үүтүн ту-
тан, у²а илиитигэр бэйэтин ала²аатын илдьэ арыый хаала
соҕус и´эрэ.
Ол икки ардыгар кинилэр аллараа кытылга киирэр таас
куоллараан ыллыкка кэлбиттэрэ уонна онон аллара киирэн
барбыттара. «Аны билигин у´аты-туора хамсыыр кыах суох», —
дии санаабыта Даҕанча уонна, к³²үлүн сүтэрэн кү´эллиигэ
киирэн эрэр ки´и бы´ыытынан, бачча тухары к³²үллүк к³рү-
лээн, талбытынан тарайан ү³скээбит Баай Хара Тыатын диэки
к³р³н ылбыта.
Биир сатыы ки´и эрэ арыычча батан сылдьар кыараҕас ту-
руору ыллык устун аллара тү´эн, холомолор турар кытаанах
108