Page 112 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 112
— Бай! Бай! — анараа ки´и со´уйан тү´эҕин охсуммута.
Тула турааччылар ха´ыыта´а түспүттэрэ: сибилигин аҕай бы-
´ыта-хайыта сынньан, сэймэктээн кэби´эргэ бэлэм турбут
дьон тосту уларыйа охсубуттара.
— Ол и´ин даҕаны!
— Тумат эрэ итинник дьорҕоот буолуон с³п.
— То² Биис буолуон сатаммат!
— Бэйэбит хааммыт, бэйэбит ки´ибит эбит!
Айдаан намыраабытыгар у´ун синньигэс дьиэрбэлдьийбит
ки´и эмиэ ыйыппыта:
— Ааты² кимий? Эн хантан кэлли²? Ханна барды²?
Даҕанча киниэхэ хардара охсубатаҕа; үгүс дьон моргуору-
гар уонна дэбигис саныы охсорго ү³рэммэтэх буолан, тугу
этиэн тыл булбакка, ү²үүтүн утары туппутунан тэпсэ²нии тур-
бута. Онуоха эбии бу дьон дэбигис уларыйа охсубут сы´ыан-
нарыгар с³п түбэ´эр гына кини түргэнник уларыйа охсубата-
ҕа — ³л³рс³³рү-сүтэрсээри ³рүкүйбүт ³´³ҕ³ тута сойон биэр-
бэтэҕэ. Кэлбит ки´и, хоруй ылбакка, тула т³гүрүйэн турар
дьо²²о:
— Улахан холомоҕо илдьиэҕи²! — диэбитэ.
Даҕанча буоллаҕына, тула ³ттүттэн үмүрү тү´эн үтүрүйэн ил-
дьэ барбыттарыгар эмиэ туох алдьархайга илдьэллэрэ буол-
ла диэн, тыынын охсу´уута суох биэрбэккэ эрдээх санааны
ылынан, былдьаан ылбыт ү²үүтүн угун кытаанахтык ыксары
туппута.
Илбис түүнэ
Хара суор халаахтыыр
Тү² хара²а түүн тууйа сабардаан тиийэн кэлбитэ. Уулаах
ыарахан былыттар, түүлээн эрэр таба кыыл ³р³ҕ³түнүү, бы´ытта-
лана-бы´ытталана, сиргэ тиийэ халыйбыттара, куттаммыттыы
хаптайа дьылыйбыт тордохтор урааларыттан и²ниэх курдук
намылыспыттара. Эмпэрэ сыыр анныгар сытар күтүр улахан
кү³л хара²а кытылларын кырбыыр тыа´а бүтэ²итик биллир-
гээн и´иллэрэ.
Сарыы тордохтор саамай ортокуларыгар тыстаах, баттах-
таах хара э´э даппытын үрдүгэр сытан, Ньырбачаан утуйан
биэрбэтэҕэ. Кини, тордохтор тастарыгар т³´³ да чуумпутун
и´ин, аллара кү³л араастаан түллэ²нии, и²сэлээх долгунна-
рынан ³рүтэ к³бү³хтүү сытарын и´иллиир этэ. Бу ү³´э, кыр-
далга, чугунаабыт чуумпу уонна аллараа²ҥы кү³л бааллыра
112