Page 111 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 111
сэлэлии турар дьон кэккэлэрин кэрийэ сүүрбүтэ. Онтон хо-
ломо ааныгар утары туох да сэбэ-сэбиргэлэ суох соҕотоҕун
чороллон турар Даҕанчаҕа ойон тиийбитэ. «Бы´ыыта, хо´уун
буолар ки´и таҕыста, ол аата кини бата´ын хаанныырга мии-
гин анаабыт буоллахтара…» — диэн санаа уол т³б³түгэр күлүм
гынар кэмигэр холомоттон ойон тахсыбыт ки´и ыстанан кэлэн
уолу ү²үүнэн аспыта. Хо´уун сэбэ-сэбиргэлэ суох хам бааччы
турар ки´ини, үтэ´эҕэ ү³лэр собо курдук, мэнээк ү³лэн кэ-
би´иэм дии санаабыт бадахтааҕа — туох баар күү´үнэн сытыы
у´уктаах ү²үүтүнэн уолу хара быарга ³т³рү түспүтэ. Ол эрээри
кураанах салгыны супту анньан, туруйалаан тиийэн ү²үүтүнэн
ло´угурас таас былаастаах кы´ыл кумаҕы батары саайбыта.
Бакамда сиэнин а´арарга кыра оҕо эрдэҕиттэн ү³рэппитэ таах
хаалбатах этэ — Тумат хо´уунун биилээҕиттэн кэбэҕэстик хал-
барыс гынан биэрээт, сыы´а туттан туруйалаабыт ки´ини эт
сутуругунан э²ил баска охсон ньиргиппитэ. Ол кэннэ ходуллу-
бут оттуу умса барбыт ки´иттэн ү²үүтүн сулбу тардан ылбы-
та — Даҕанчаҕа Туматтар кыргы´ар-³л³рс³р илбистээх хаан-
нара у´уктубута. Ити буоллаҕына, хаан хаа²²а! ¥гүстэн үгүс
охтуо, аҕыйахтан аҕыйах охтуо! Кини таах туран биэриэ суоҕа!
— Чуга´аан холоон к³рү² эрэ! — ү²үүтүн ³р³ тутан туран
ү³гүлээн бытарыппыта, кыргы´ыыга ы²ырар уордаах ха´ыы
чуумпурбут алардар үрдүлэринэн дуора´ыйбыта: — Алакыы!
Алакыы! Алакыы!
Хо´ууннара таба тутуннаҕына, Даҕанчаны ү²үү-батас оҕу-
нуоҕа о²остон, кини хаанынан тү´эхтэрин суунаары бэлэм тур-
бут Туматтар уол ха´ыытыттан чугурус гына түспүттэрэ. Суох,
кинилэр соҕотох ки´иттэн толлон чугуруйбатахтара. Кыргы-
´ыыга буспут-хаппыт, ³л³лл³рүн-сүтэллэрин утуйарга холуур
сэрии´ит дьону дьулатар уустук этэ; кинилэр бу кимэ бил-
либэт уол Туматтардыы ха´ыытаабытыттан уонна ордук кини-
лэр кыргы´ыыга киирэргэ ы²ырар ү³гүлэриттэн со´уйан тох-
туу биэрбиттэрэ. Онтон-мантан ³мүрбүт-со´уйбут ха´ыылар
и´иллитэлээбиттэрэ:
— Тугуй бу?! Хайдах хайдаҕый?!
— Тумат буолбат дуо?! Би´иги хааммыт!
Ол кэм²э ортоку улахан холомоттон хайаларыттан да үрдүк
у²уохтаах курбуу курдук ки´и курбачыйан тахсыбыта, дьону
силэйэн, уолга кэлбитэ уонна, уоттаах сытыы харахтарынан
уолу батарыта к³рб³хт³³н баран, ыйыппыта:
— Эн ким²иний?
— Мин Тумаппын, — Даҕанча хардарбыта.
111