Page 107 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 107
ол эрээри киириэн чаҕыйбыта. Кини бачча үгүс дьону саа´ын
тухары харахтыы илигэ уонна бу дьон кинини хайдах к³рс³л-
л³рүн билбэт этэ. Даҕанчаҕа Дьирикинэйдэр сэрэх хааннара
у´уктубута: кини к³²үлүн сүтэрэн, үрү² тыынын атын ки´и
илиитигэр туттаран кэби´иэн тардыммыта. Оттон аллараа²ҥы
б³л³х дьо²²о киирдэҕинэ оннук буолуохтааҕын этинэн-хаа-
нынан сэрэйбитэ. Уол, к³рд³³н булбут Туматтарыгар киирбэк-
кэ, сыыр үрдүттэн кинилэри чу²наан к³р³рг³ санаммыта.
Эмпэ үрдүгэр тиийэ ыкса үүммүт хойуу сэппэрээк быы´ы-
гар кинини ким да таба к³рү³н с³б³ суоҕа, оттон ү³´эттэн
кытыл аллараа кэрдии´игэр бачыгыра´ан олорор буор хо-
ломолор уонна кинилэр тастара эдэр булчут сытыы хараҕар
бу баардык ырылыччы к³ст³лл³р³. Кытархай ³²н³³х таастар
дьапталҕаларын сытыы бы´аҕынан бы´а баттаабыттыы туруо-
ру эркин ³рү´ү бата ки´и хараҕа ылбатынан илин, арҕаа субул-
ла турбута. Киэ´ээ²ҥи салгынтан эрэ´элэнэ долгуннурар ³рүс
икки туруору таас эркин икки ардыларынан кытылы баты´а
кэккэлии лагларыспыт кэтит олохтоох буор холомолортон саа-
май улаханнарын та´ыгар кы´ыл сонноох дьон сэлэлии туран
баран ү²күүлээн барбыттара. У²а илиилэригэр кылгас уктаах
ү²үүлэри ³р³ туппут этилэр. Ырыаларын хо´ооно и´иллибэтэр
да, Даҕанча к³рд³ҕүнэ, кини дорҕоонугар с³п түбэ´иннэрэн
бары биирдик тэ²²э ү²үүлэринэн далбаатанан, ³рүтэ уунаҕа-
лаан ылаллара. Тыал охсон сороҕор эмискэ улаатан кэлэр,
сороҕор намыраан, и´иллибэт буолар ол ырыа ис хо´оонун,
биир эмэ тылын арааран истээри, туох ту´унан ылланарын би-
лээри, уол и´иллэ´эн му²нана сатаабыта. Кини, аллара ыраах
баар дьо²²о аралдьыйан, тулатын умнубута.
Эмискэ кэннигэр мутук тостубут тыа´ыттан этэ тардан дьик
гына тү´ээт, Даҕанча бэдэр курдук сымсатык тура ойбута. Ол
эрээри хойутаабыт этэ: кини иннигэр ала²аатын субу ытарга
бэлэмнии тутан, кылгас кы´ыл сонноох хо´уун ки´и у´уктаах
т³б³л³³х бэргэ´э анныттан сытыы харахтарынан уол хас хам-
саныытын барытын бэрт кыраҕытык кэтэ´эн турара.
— Хамсаама ончу! — диэбитэ кини суостаахтык. — ¥²үүгүн
бырах!
Даҕанча т³б³түгэр ма²най бу кини иннигэр турар, кини-
ни аан бастаан к³р³р уонна киниэхэ тосту-туора сорудахта-
ры биэрэр дьоҕус у²уохтаах хо´уун тылын истибэт, киниэхэ
бэриммэт дохсун санаалар күлүмнэспиттэрэ: туора ойоот,
хойуу бэрдьигэстэр быыстарыгар элэс гыныахха с³п этэ. Ол
эрээри иннигэр турар хо´уун, дьэрэкээннээх кы´ыл та²а´ыт-
107