Page 105 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 105
сэбин-сэбиргэлин барытын ара²а´ын үрдүгэр муспута, илдьэ
барарга санаммыта. Оннуга да с³пк³ дылыта — бу дойдуга
кини кимнээх буолан кимиэхэ хаалларыай? Сиэнэ айанныыр
ыраах дойдутугар бэйэтин кытта сигэ кэлгиэлээх, ´элии муо-
´а у´уктаах модьу ү²үүтүн уонна сүгэ´эр ма´ын эрэ ылыаҕа,
онтон атын киниэхэ наадата суох.
Даҕанча ³йү³тэ бэлэм буолбута, оҕонньор эмиэ тэринэн
бүппүтэ — э´элиин-сиэнниин арахсар кэмнэрэ тиийэн кэлби-
тэ. Кытаанах, а´ыныга´а суох кэм сиэринэн, Даҕанча т³´³ да
и´игэр хараа´ыннар, ону та´ыгар та´аарбакка эрэ, ара²ас үр-
дүгэр тыстаах, баттахтаах э´этин тириитин тэлгээбитэ. Бакам-
да буур тайах тириититтэн тигиллибит у´ун, бэрбээкэйинэн
охсуллар саҕынньаҕы кэппитэ уонна ара²ас үрдүгэр тахсан
э´э тириитигэр олорбута. У²а ³ттүгэр имигэс у´ун быалаах
ү²үүтүн уурбута, оттон ха²ас ³ттүгэр — ала²аалаах нимчи-
катын.
Бакамда, тахсан эрэр күнү утары к³р³н олорон, сиэнигэр
Даҕанчаҕа кэриэс-кэс тылын эппитэ:
— Туматтар, би´иги, тоҕус ки´и үйэтин тухары хаан ³´ү
сити´ээччибит, Ма²ан Мэкчэттэн аҕа² и´ин хаан ³´ү ситис!
£ст³³ххүн ³л³р, саастааххын самнар! Эттим, бүттүм, иэскин
толор, ү²үүгүн хааннаа!
Кырдьаҕас хо´уун кэс тыла даҕаны ³´үллүбэт, уларыйбат
ыар модун санаатын курдук бы´аччы, судургу этэ. Туматтар
тыйыс сиэрдэринэн уйадыйыы, харах уута тохтуута диэн суох
буолбута. Даҕанча э´этин кэриэс тылын истэн туран баран
эмиэ судургутук:
— С³п, э´ээ, мин эн эппиккин толоруом, — диэбитэ.
Ол кэнниттэн саҕынньаҕын арынан олорор оҕонньору сы-
тыы муос у´уктаах ү²үүнэн сүрэххэ тү´эн ³л³р³н кэбиспитэ.
Хаан чоккуруу сылдьар ү²үүтүн халлаан диэки ³рүтэ анньа-ан-
ньа, Туматтар үгэстэринэн үстэ:
— Алакыы! Алакыы! Алакыы! — диэн ха´ыытаабыта.
Ара²астан ыстанан тү´ээт, э´этэ эппитин курдук, анныгар
уот анньан кэбиспитэ. Тууспан кутаа тииттэр чыпчаалларыгар
диэри харбаспыта, бэрт сотору Бакамдаттан, кини ара²а´ыт-
тан туох да хаалбакка, ³рүкүйэр буруо буолан ү³´э к³ппүтэ,
³бүгэлэрин дойдутугар барбыта.
Бу Орто Аан Ийэ дойдуга букатын кэлбит диэн суох, ³лүү
диэн Айгыр Силик Айылҕа хотун о²о´уута буоллаҕа.
105