Page 100 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 100
Хааннаах илкээни
Та´ырдьа тыас тилигирээбитэ. Холомо дьиэлэ а´ылла тү´э-
рин кытта, Даҕанча и´ирдьэ биирдэ баар буолбута, араанын
та´ыгар силис тыыра олорор э´этин иннигэр бултаабыт бул-
дун тоҕо сү³кээн кэбиспитэ.
— К³р эрэ, бу мин бултаабыппын!
Эдэр булчут бултуйбут ки´и ү³рүүтүнэн ү³рэн чаҕылыйара.
Бакамда тыыра олорбут сили´ин тү´эҕиттэн ылан киэр уурбу-
та, сүр чэпчэкитик ойон турбута.
— Алакыы! Алакыы! Алакыы!
Араанын эргийэ сылдьан, үс т³гүл алакыылаабыта, үс т³гүл
суордаабыта. Саха Ураа²хайдар, бултуйдахтарына, уокка ас
биэрэр уонна алгыыр сурахтаахтара. Туматтар инньэ гыммат
этилэр, кинилэр абаа´ы-та²ара диэни итэҕэйбэттэрэ, онон
ү³рүүлэрин ити курдук тастарыгар та´аараллара.
Бултуйбут дьон бы´ыытынан, ү³рэ-к³т³ ас астаан барбытта-
ра. Чо²ку охсубуттара, эт эттээн олгуйга бу´арбыттара. Тура-
олоро, кү³стүү-астыы сылдьан, хайдах бултаабытын ³рүкүйэн
туран киниэхэ кэпсиир Даҕанчаны Бакамда таптаабыт, астым-
мыт харахтарынан к³р³н олорбута. Сиэнэ ыыстаммыт түнэ
сону тиирэ кэппит дараҕар санна, тү³рт илии кэтит тирии
курунан ыга тардыммыт синньигэс биилэ, дьабала этэрбэ´э,
кырдьык даҕаны, уон сэттэ саастаах уу ньулдьаҕай оҕоҕо ончу
маарыннаабат, сытыы-хотуу туттуулаах сиппит-хоппут хо´уун
буолбут этэ. Аҕатын ¥рэни батан, Туматтардыы и²иир-ситии,
сула та´аалааҕа, үрдүк у²уохтааҕа. Ийэтин утумнаан, Дьири-
кинэйдэрдии сымса, түргэн хамсаныылааҕа. Күн уота харааччы
сиэбит Дьирикинэйдэрдии кэтит сирэйигэр Туматтар уордаах
харахтара сабыччы к³рбүт этэ, тартаҕар мунна, са²а хараара
тортуйан к³ст³р бытыга, толору уо´а эрдээх, ол гынан баран
оҕолуу к³рсү³, намыын к³рү²ү биэрэллэрэ.
Бакамда сиэнэ бултуйан киирбитигэр уонна кинини к³р³н
олорон ү³рү³н ү³рэрэ — туйах хатарар ки´илэннэҕэ. Баай
Хара Тыа маанылаах кыылын, түргэн атахтаах атыыр л³к³йү,
охторуу булчукка барытыгар — эдэргэ даҕаны, кырдьаҕаска
даҕаны — олус ү³рүүлээх суол буоллаҕа! Уол оҕо орто дойду-
га арай атыыр тайаҕы бултаатаҕына, хараҕа туолар, санаата
астынар диир буолаллара.
Аарыма л³к³йү хайы´арынан ситэн бултаабыта Даҕанча этэ-
хаана ситэн-хотон эрэрин к³рд³рбүтэ. Бачча саас, быстан-
ойдон олордохторуна, ас-та²ас кырыымчык кэмигэр бултуй-
100