Page 102 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 102
— Би´игини ким да билбэт. Билэллэрэ буоллар, сүгүн олор-
дуохтара суоҕа этэ.
Сиэнэ уол са²ата суох барбыта, кини э´этин этиитин эр-
гитэ саныы, муна-тэнэ испитэ. «Хара Тыа баай ээ, ол гынан
баран тоҕо ³л³рс³лл³р, былдьа´аллар?» — дии саныыра кини.
Оттон Бакамда санаата букатын атын этэ. Кини, кырдьыга,
сиэниттэн атыны күүппүтэ: аҕатын ту´унан, хааннаах илкээни
ту´унан истээт, ³с-саас уотунан умайа тү´ү³хтээх этэ. Хата ол
оннугар туох эрэ солуута суоҕу тылласта. Барар дуо, хааннаах
³´ү сити´э? Ити барыта Дьирикинэйдэр хааннарыттан. Аҕа-
тын, Туматтар хааннара ба´ыйбыта буоллар, атыннык туттуо
этэ, Бакамда кийиитэ Майынчыга эмиэ кыы´ырара. Ол быы´ы-
гар эмиэ даҕаны атын санаа киирэн тахсара: Даҕанча кыра
оҕо эрдэҕинэ этиминэ бэйэтэ сыыста дуу? Оччоҕо, бука, кини
тылыттан тахсыа суоҕа этэ. Оттон билигин, Туматтар үгэстэ-
ринэн, аҕатын и´ин То² Биистэртэн хаан ³с сити´э барыа дуо?
«Уҥуохпун тутан бар»
Даҕанча буур тайаҕы уонна сырҕан э´эни бултуоҕуттан ыла
улахан санааҕа ылларбыта. Кыылларын этин холомотугар та-
´ар кэмигэр э´этин Бакамда хааннаах илкээни ту´унан кэпсээ-
нэ кини ³йүттэн тахсан биэрбэтэҕэ. Онуоха эбии сааскы ичи-
гэс, үтү³ күннэр, у´уктан эрэр Айгыр Силик Айылҕа барахсан
кини уутун уйгуурдубуттара, уйулҕатын к³түппүттэрэ — эдэр
уолу ыраах ыырдар ы²ырбыттара, туспа дойдулар угуйбутта-
ра. Даҕанча түбүктээх түүллэригэр сырҕан э´э арҕа´ын түүтүн
адаарыччы туппут курдук күн аннын диэки тэлгэнэ тардыллан
у´аан-кэ²ээн бара турар Баай Хара Тыа бэрт үгүстүк киирэрэ.
Кини дьолуолаах ыллыгын хайа хаампыт, тэлэн кэлбит улуу
хо´ууттар у´ун суолларын оймуон, кэтит ыллыктарын тыырыан
баҕарара күн-түүн күү´үрэн испитэ, кыараҕас бүтэй холомоҕо
тэ´ийбэт буолбута.
Араас санаалар к³йм³стүбүт, биир эмиэ утуйан биэрбэккэ
эрэйдэммит түүнүн сарсыардатыгар Даҕанча э´этигэр эппитэ:
— Иитэн-а´атан улаатыннарбыт э´эм Бакамда, и´ит эрэ
этэр тылбын. Мин кэнники кэм²э утуйар уум к³тт³, тэ´ийбэт
буоллум. Ити хааннаах илкээнини эккирэтэн барабын. Аҕам
³ст³³хт³рүгэр, То² Биистэргэ, тиийэн ³с-саас ситистэрбин
диэн барабын.
Бакамда сиэнин ити тылларын истэн эгди буола түспүтэ:
ол аата Туматтар хааннара кыайдаҕа, Туматтар хааннара са-
²артаҕа.
102