Page 101 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 101

бута кини дьолуолаах табаҕайдаах басты² булчут буолуоҕун
сабаҕалыыра…

    Онтон тииккэ батары ытыллыбыт куорсуннаах оноҕо´у сул-
бу тардан ылбыта уонна, муодарҕаабыттыы, эргим-ургум ту-
тан к³рбүтэ. Ох т³б³т³ тимир этэ, ырба курдук биилээх икки
салаалааҕа.

    — Саха Ураа²хайдар о²орбут охторо, — э´этэ бы´аарбы-
та. — Итини сэлэмэ кустук диэн ааттыыллар. ¥рэн хо´уун куо-
тан, үрүйэни үрдүнэн к³т³н у²уор үктэнэ тү´үүтүгэр ити оҕу-
нан борбуйун и²иирин бы´а ытан, онон боҕутуннаран ³л³р-
бүттэр этэ.

    Даҕанча ох ханан да кыларыйан к³рб³т³х сытыы кылаанын
тарбаҕын т³б³түнэн таарыйан к³рбүтэ.

    — Э´эм Бакамда, дьэ со´уччу сүрдээх суолу кэпсээти². Ол
и´ин даҕаны бу кэнники кэмнэргэ бу бэлиэ та´ынан аастаҕым
ахсын тоҕо эрэ хааным оонньуур буолбута. Ол буоллаҕына,
мин аҕам ³лүүтүн ту´унан си´илии билиэхпин баҕарабын.

    Ити кэлин ³ттүттэн уол э´этиттэн ол урукку ааспыт бы´ы-
лааннаах күн ту´унан бэркэ болҕойон истибитэ. Оҕонньор тугу
да к³түппэккэ кэпсээбитэ, ийэтин Майынчыны умнубатаҕа.

    — Чэ, билигин барыах, — диэбитэ Бакамда, сүгэ´эр ма´ын
ылан кэтэ-кэтэ. — Оҕу оннугар ууран кэбис. Хааннаах ³с си-
ти´иллиэр диэри хайа суоруу баас буолан оспокко туруоҕа,
хаан ³с сити´илиннэҕинэ, кини ортотугар хараҕаламмыт ох
тостон тү´ү³ҕэ, ону кытта хайа суоруу үмүрүччү о´уоҕа.

    Даҕанча, ийэ-аҕа диэни билбэккэ улааппыт буолан, били-
гин эрэ истибит ийэлээх аҕатын ту´унан букатын туспа дьон
курдук саныы испитэ. Туора ки´и ту´угар ха´ан да билбэтэх,
баҕар, саа´ын тухары к³рсү³ да суох дьонун кытта ³л³рс³рүн
ту´унан ³йдүүр-саныыр этэ. Э´этэ кыра оҕо эрдэҕиттэн ыла
кэпсиир урукку хо´ууттар ту´унан умсулҕаннаах да ү´үйээннэ-
ригэр кини биир суолу кыайан ³йд³³б³т³ — тоҕо, туох и´ин
³л³рс³лл³рүн. Кини бастаан и´эр э´этиттэн ол ту´унан били-
гин эмиэ ыйыппыта:

    — Э´ээ, дьон тоҕо кыргы´аллара-³л³рс³лл³р³ буолуой?
    — И²сэттэн, — Бакамда бы´аччы бы´аарбыта. — Орто Аан
Ийэ дойдуну тутан турар и²сэттэн. Атын дьон босхотун ха-
лаары.
    — Оттон и²сэрбэккэ олордохторуна?
    — Дьон оннуктар, ону хайдах да гыммаккын: эн халааба-
таххына, эйигин халыыллар.
    — Би´иги кими да халаабакка, и²сэрбэккэ олоробут дии.

                                                                                                                                     101
   96   97   98   99   100   101   102   103   104   105   106