Page 109 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 109

кырдалларыгар үктэммиттэрэ. Кырдал кумахха хаптаччы ти-
мирбит ло´уор чай таас ардайдааҕа, олор быыстарынан бэрт
убаҕас, иинэҕэс от быгыталаабыт этэ.

    ¥³´эттэн тү´эн кырдалга үктэнэллэрин кытта кы´ыл та²ас-
таах ү²күү´үттэр кинилэри к³р³ охсубуттара, сырсан кэлэн
т³гүрүйэ к³ппүттэрэ. Даҕанчаны тула кэтит-синньигэс, ма²ан-
хара, бытыктаах, бытыга суох дьиктиргээбит араас сирэй-
дэр ³²³²н³спүттэрэ, онтон-мантан со´уйбут-³мүрбүт са²алар
и´иллибиттэрэ:

    — Акаана!
    — Акаана бултуйбут дии!
    — Кими эрэ аҕалбыт.
    — Бу кинини хантан бултааты²?
    Ки´ини булт гынарга ү³рүйэх, ки´и кыыллаах дьон со´у-
йуулара, ү³рүүлэрэ, ордук санаа´ыннара ол ха´ыыларга и´ил-
либитэ. Сорохтор кэлэн Даҕанчаны тула к³т³н бу ки´и, ки´и
турар диэн кыратык да тардыммакка, эргичи²нэтэ сылдьан
туппутунан-хаппытынан, к³рбүтүнэн-истибитинэн барбыттара.
    — Кимий бу? То² Биис дуо?
    — То² Биис буолбатах, Дьирикинэй дии.
    — Дьирикинэй буолбатах, Майаат буолуо.
    — Суох-суох, сэбиттэн-сэбиргэлиттэн к³рд³хх³, Сартыал
бы´ыылаах.
    — Бэйи тохтоо², Акаана са²ардын!
    Даҕанчаны илдьэ кэлбит дьоҕус хо´уун дьонугар кинини
хайдах туппутун кэпсээбитэ.
    — Кини тыаттан, бэрдьигэстэр быыстарыттан, э´игини уоран
кэтээн к³р³ сытар эбит, — диэбитэ кини.
    Даҕанча манна эрэ кэлэн кинини аҕалбыт хо´уун са²а-
та-и²этэ, туттара-хаптара эр ки´иттэн атынын, дьахтар буо-
ларын билбитэ. Та²а´а-саба сиэдэрэйэ, Акаана диэн аата ону
чуолкайдык туо´улууллара. Тула т³гүрүйэн турааччы кы´ыл
та²астаах дьон уолга онтон со´уйар түгэн биэрбэтэхтэрэ —
сирэйдэрэ-харахтара туран, ³´³хт³³хтүк к³р³н-истэн, улам үмү³-
рү´эн кини диэки дьулааннык сыҕары²на´ан барбыттара.
    — Ол аата То² Биис буоллаҕа. Кинилэр би´игини кэтэтэ
ыыппыт ки´илэрэ!
    — Хаанын к³рү³ххэ!
    — Хаанын та´аарыахха!
    — Хаанын! Хаанын!
    Даҕанча бары ³ттүттэн хаан тахсарын күүтэн илби´ирбит
сирэйдэри-харахтары, тугу эрэ ха´ыытаан о²о²но´ор айах-

                                                                                                                                     109
   104   105   106   107   108   109   110   111   112   113   114