Page 94 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 94

Аах. Бил. Туһан

    1. П. Аввакумов. Муҥутуур үрдүк анал // Хотугу сулус. —
        1981. — 3 №. — С. 127—130.

    2. Николай Копырин. Эн уолуҥ, эн ырыаһытыҥ / Кустук араас
        өҥүнэн. — Дьокуускай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота,
        1992. — С. 19—23.

    3. Прасковья Максимова. Манчаары маҕан атыныы... / Чол-
        бон. — 2002. — 3 №. — С. 83—85.

    4. Попов Б. Н. Кэрэ уонна үлэ алты´ар уоругар. — Бигэ эрэл-
        лээх дьоннор. — Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1988.

    5. Сыромятников Г. С. Саха АССР народнай поэта Семён Пет-
        рович Данилов. £й-сүрэх үрдүккэ дьулу´уута. — Дьокуус-
        кай : Кинигэ изд-вота, 1982.

             ВАСИЛИЙ СЕМ¨НОВИЧ ЯКОВЛЕВ—ДАЛАН
                      Саха норуодунай суруйааччыта

                                      (1928—1996)

                                          Далан историческай тиэмэни саха
                                     романистикатыгар сонуннук, талаан-
                                     наахтык киллэрбит ааптарынан буо-
                                     лар. Кини «Тулаайах оҕо», «Тыгын Дар-
                                     хан», «Хотугу номохтор» уонна «Кэриэн
                                     ымыйа» айымньыларын саха норуотун
                                     түҥ былыргы олоҕун, судургута суох
                                     дьылҕатын уустук, кэрэхсэбиллээх сю-
                                     жеттарга арыйар.

                                          Оттон «Тулаайах оҕо» (1983) роман
                                     үгүс дьоруойдара үс сюжетынан хайы-
                                     тыллан наарданыыларыгар символи-
                                     ческай, философскай өйдөбүл быһыы-
                                     тынан суол уонна айан киирэр: хаан-
наах илкээни суолун хайар эдэр Хоһуун Даҕанча айана; саргы
талаһа, дьол тардыһа, үтүө санаанан салайтаран айан аартыгын
тутуспут Туоҕа Баатыр дьоно уонна Орто дойдуга олох олорор-
го ананан инники биллибэт дьылҕатыгар аньыыта суох ыраас
санаатын толук туттан суолга турунар Ньырбачаан. Кинилэр
бука бары араас хайысхалаах биһирэбиллээх өрүттэрдээх
уобарастарынан буолаллар. Туоҕа Баатыр — сахалар муударай
салайааччылара, Даҕанча — эдэр хоһуун, Ньырбачаан — тоҥ
биистэр дьылҕаларын салгыахтаах оҕо. Кинилэр иллээхтик өй-
дөһөн олоруу тосхолун — роман сүрүн идиэйэтин — сонуннук

  94
   89   90   91   92   93   94   95   96   97   98   99