Page 92 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 92

Манна суохтар кырбый кынаттаах аттар,
                       Сир аҥаара күүстээх

                                     бухатыыр аттар.
                       Манна бааллар

                                     дьон курдук дьоннор,
                       Бухатыыр буолаллар

                                     ол дьоннор манна.
                       Сындаалаах сырыыны

                                     кинилэр сылдьаллар.
                       Бусхааттаах суолу

                                     кинилэр тобулаллар.
                       Омуна суох,

                                     оо, манна үгүстэр
                       Олоҥхотооҕор ынырык иэдээннэр.
                       Киһи уйан ньиэрбэтинэн хаамар,
                       Киһи сүрэҕэр

                                     ох буолан хатанар
                       Оҕоҕо ымсыырыы,

                                     аймах дьон аһыыта,
                       Кыра кыаттарыы

                                     кыһыылаах абата,
                       Өй өйдүүн

                                     үлүгэрдээх мөккүөрэ,
                       Өлөр өлүүлүүн

                                     өһөс мөккүөр,
                       Тыыннаах таптал

                                     уодаһынныын мөккүөрэ,
                       Муҥу булгурутар

                                     модун мөккүөр…
                       Уонна баар манна

                                     кыната суоҕу кынаттыыр,
                       Балай киһини

                                     көрбүөччү харахтыыр.
                       Харахха көстүбэт

                                     кыайыы өрөгөйө,
                       Сүрэх өлбөөдүйбэт

                                     үөрүүлээх өйө.
                       Манна баар барыта,

                                     бу күн анныгар,
                       Омуна суох

                                     орто туруу дойдуга.
                       Бу буолар муҥутуур

                                     бухатыыр олоҕо.

92
   87   88   89   90   91   92   93   94   95   96   97