Page 88 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 88

3. Бэйиэт хоһоонугар тус бэйэтин санаатын чопчулууругар
      ханнык уус-уран ньымалары туттубутун ырытыһыҥ.

         Тыыннаах тыл

  «Мин оҕолорум —
      Мин хоһооннорум,
      Арыт маҥан холорук буолан,
      Арыт үрүҥ кыталык буолан
      Алаас дьонугар санатыҥ
      Манчаары
                 Маҥан
                      атын»

      диэн хоһоон бүтэһик строфаларын болҕойон аах, лирическэй
      дьоруой ыратын ис хоһоонун хайдах өйдөөбүккүн кэпсээ.
  «Манчаары маҥан ата» уонна «алаас дьоно» диэн өйдөбүл-
      лэр суруйааччыга уонна саха ааҕааччытыгар тугунан чугас-
      тарын анааран көрөн кэпсэтиигэ кыттыс.
  Айымньыны хоһоонноохтук өйтөн аах.

                           Саха быһаҕа

                         Киэргэл диэни билиммэтэх,
                         Көмүстэригэр тиксибэтэх,
                         Хатыҥ, удьурҕай уктаах,
                         Кунан кутуруга кыыннаах,
                         Хоодуот саханы санатар,
                         Хатарыыта модьу-таҕа —
                         Сахам сытыы быһыччата,
                         Сахам укулаат быһаҕа.

                         Аал уоту тигинэтээри,
                         Кыспа кыһан тууспаннатар,
                         Алаһа дьиэни сырдатаары,
                         Тымтык тыыран дьырылатар,
                         Тайах сүлэр, киис таҥастыыр —
                         Бары үлэҕэ хапсаҕай
                         Саха сытыы быһыччата,
                         Саталлаах, мындыр быһаҕа.

                         Ойуу нарын тылынан
                         Оҕо биһигин ыллатар,
                         Уон араас мындыр дьарҕаалаан

88
   83   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93