Page 85 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 85

Мин к³´үтэн олорбутум.
    Мотуо кэлбэтэҕэ.
    Онтон нухарыйан дуу, му²атыйан дуу, бүк тү´эн олорор
кырдьаҕас эмээхсин аттынан аргыый үктэнэн та´ырдьа тахсан
барбытым…
    Ол киэ´эттэн бэттэх сүүрбэ т³гүрүк сыл ааста. Халлаан са-
²ардыы сырдаан эрдэҕинэ, кэрэ, сэмэй кыыс оҕолор кэлбэт
гына баран хаалбаттарын ту´угар дьоллоох олоҕу тутар үгүс
дьону кытта ү³рэнэн, үлэлээн, киэ² сирдэринэн сырыттым.
    Хайдах эрэ, хайдах эрэ, сырдык тырым уот курдук эйигин
сайы´ыннара угуйан барбыт сэмэй кыыс оҕону икки´ин к³рс³
түстэргин эрэ, кини намчы тарбахтардаах нарын илиитин ылан
ытыскынан сэрэхтээхтик кү³йэ тутан ылаар уонна сүрэҕи²
сүбэтинэн кинини кытта эйэҕэстик, сэмэйдик кэпсэппитинэн
бараар…
    Баҕар, кини эдьиийигэр да ааспакка, дьиэтигэр да т³н-
нүбэккэ, э´иги бииргэ ү³рэн-хомойон, олох у´ун суолун устун
сиэттиспитинэн бардар бара туруоххут, мин эдэр доҕоруом…

                        СЕМ¨Н ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
                           Саха норуодунай бэйиэтэ
                                      (1917—1978)

    «Мин саамай-саамай киэн туттуум: тө-
һө да хараҥам, билии-көрүү, культура өт-
түнэн татымым иннигэр, мөккүөрдээх, ба-
лыырдаах даҕаны күннэргэ туора-уһаты
туттубакка, халбаҥнаабакка, көнөтө, бар
дьоммор туһалааҕа буолаарай диэн санаа-
нан салайтаран, өһөстүк, туох баарынан
олорбутум буолар. Миигиттэн мин ити
баайбын ким да былдьаабат, былдьыыр
кыаҕа суох. Мин дьолум сити».

                                             Семён Данилов

    Күндү оҕолор! Эһиги кыра сааскы-
тыттан Семён Данилов диэн уһулуччу-
лаах бэйиэт олорон, төрөөбүт Сахатын
сирин туһугар үлэлээн-хамсаан, саха поэзиятын Арассыыйа
уонна омук дойдуларыгар киэҥник билиһиннэрбит киһи буо-
ларын билэҕит.

                                                                                                                                      85
   80   81   82   83   84   85   86   87   88   89   90