Page 82 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 82
то, суол устун утары сиэлэн нэктэрийэн и´эн, а²аар атаҕын
³р³ к³т³хпүтүнэн тохтуу тү´эр.
Мин сиртэн мас ылбыта буолан ыкка утары сүүрэбин. Кини
ыйылыы тү´ээт, т³тт³рү ыстанар. Халдьаайы ньылатынан тэм-
тэрийэн сүүрдэр сүүрэ турабын.
Эбэм тугу эрэ са²ара хаалар.
Ытым, ыал чигдитигэр ыстанан тахсар да, со´умардык үрэн
ньаргыйа тү´эр.
Аны т³тт³рү ыстанааччы мин буолабын. Мүччүргэннээх кэм-
нэргэ мэлдьи баар буолар үгэстээх ки´и эбэм саба сүүрэн
кү³дэллэнэн кэлэр.
Сиэрин эрэ ситэрэн ырдьыгынаабыта буола-буола, ыт кы-
быылаах от диэки илбири²ниир.
Дьиэҕэ киирэн и´эн, аа²²а чугурус гынабын. Ону тэ²инэн
аан диэки хара²а муннуктан быраатым уйаҕас са²ата «уба-
ыый!» диир. Дьиэ и´инээҕи дьон бары айхаллыы то´уйаллар.
— Оо, бу ки´и дьэ кэллэ дуу? Эбэтигэр ³рүү сылдьыбат
ээ. Дьэ тутан аҕалла дии. Са²ардыы бачча этэ, обургу ки´и
буолан тоотойон эрэр дии…
Ыкса киэ´э атах оро²²о, эбэм оронугар, быраатым би´иги
кистээн күлэн сы´ыгыра´а-сы´ыгыра´а оонньуу олордохпуту-
на, үстээх-тү³ртээх кыра уолчаан быыс тумсугар кэлэн киэ²
харахтарынан миигин одуула´ан мылаллан турда… Би´иги күл-
лэхпитинэ, кини эмиэ күлэн тии´э ытыгырыыр. Соруйан с³т³л-
лүбүтэ буолар, атаҕынан быы´ы тэбэн к³р³р. Би´иги бэйэбит
ахты´ан баран к³рсүбүт дьон, киниэхэ кы´аммаппыт. £рг³
диэри ол курдук туран баран, оҕо сүрдээх хатаннык кү³рэччи:
«Га-ла-ба баль-ша-я!» — диэн ха´ыытыы тү´ээт, ха²ас диэки
сүүрэн моро´уйан хаалла.
— Хотуой, Мотуо! Эмиэ сымыйанан нууччалаабыта буол-
ла, — дэ´истилэр.
— Кыыс ээ, итинтикэ², — диэн ботугураата быраатым.
Саастарын тухары уол оҕоҕо баҕараллара, уол оҕолоро ута-
ры ³л³ турар буоланнар, абаккаларыгар, үс кыыстаахтарыттан
кыраларын, Мотуону, уол оҕо о²орон сылдьаллар эбит. Дьэ,
кэрэ ки´и Мотуо! Сүрэхтэммит эрэ күнүгэр Матрёна буол-
бут эбит. Н³²ү³ күнүттэн ыла Мотуо буолбут. Лэри-лэкэгэр
т³б³түн киччэччи кырыйбыттар, уол оҕолуу боспоччу та²ын-
нарбыттар, ып-ыраас киэ² харахтардаах, хоп-хойуу хаастаах.
Уол оҕо! Арай кү³рэччи чаҕаарыйан са²арара, быы´ыгыраччы
күлэрэ хайдах эрэ уолтан аты²²а дылы. Сарсы²²ытыттан ыла
кини би´икки атастыы буолбуппут.
82