Page 77 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 77
Ааҕыы, сэ´эргэ´ии
Амма Аччыгыйа «Мотуо» кэпсээнин ту´унан били²²и кэм
литературоведа В. Б. Окорокова маннык суруйар: «1944 сыл-
лаахха Амма Аччыгыйа саамай басты² кэпсээнэ «Мотуо» бэ-
чээттэммитэ. Бу кэпсээни Софрон Данилов: «Хас аахтаҕым
аайы ытамньыйабын», Күннүк Уурастыырап: «Хас аахтаҕым ах-
сын мин мэлдьи илистэ уйадыйабын, долгуйабын», — диэн эп-
питтэрэ. «Мотуо» Амма Аччыгыйа атын кэпсээннэриттэн ойуч-
чу турар курдук. Кини идиэйэтинэн 20-с сыллардаах кэпсээн-
нэр сүүрээннэригэр кыайан киирбэт. 30—40-с сыллардаах
кэпсээннэртэн эмиэ ураты».
Ааптар басты² кэпсээнинэн ааттаммыт айымньытын ³йд³³н
ааҕы². Ки´ини долгутар, уйадытар ураты тыынын таба к³р³рг³
кы´аллы², ол ту´унан сэ´эргэ´и².
Мотуо
(Кырдьаҕас ки´и кэпсээнэ)
Мин, биэс кылаас ү³рэхтээх уон сэттэлээх уол, биир кы´ын
учуутал буолбуттаах этим.
«Ыйаахтаах» оскуолаттан тэйиччи быыкаайык эргэ дьиэни
биэрдилэр, иккис кылаа´ы анаатылар. Туспа буруо та´ааран,
ыал буоллум.
Биирдэ кы´ы²²ы түптэлэс тымныыга, о´охпун олус эрдэ
сабаммын, угаардаан, т³б³бүн былаатынан бобо тардынан,
кылаа´ым аанын тэлэччи а´ан баран, оҕолорбор диктант су-
руйтара олордум.
Арай тирии бүрү³лээх тас аан а´ыллан, тымныы тумана
³рүкүс гына түстэ. Матрёна Семёнова кыыс киирэн кэллэ.
Мин этэн испит тылбын ситэрбэккэ, кэлэҕэйдээбитинэн
ойон турдум.
Матрёна аан холуодатыгар үктэнэн туран, икки илиитин
кэннинэн уунан, халҕаны чи²этэ тардан кэбистэ. Онтон кырса
ты´а муус маҕан бэргэ´этин илиитин к³хсүнэн аргыый силэйэ
охсон, кырыатын сотунна. Кырыа кыырпаҕа сыстыбыт у´ун кы-
ламаннарынан кэрэлэммит ып-ыраас, ыас хара харахтарынан
кылаас диэки к³р³³т, тымныыга ордук хойдо тэтэрбит сирэйэ
кэтирээн, оҕолуу чэбдик уостарын ньимиччи туттан, килбиктик
мичээрдээбитинэн аа´а турда.
Ити барыта сүрдээх сымсатык, нарыннык, этиэх бэтэрээ
³ттүнэ д³б³²нүк буолла.
77