Page 125 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 125
саІарарыІ кіІµл, ол эрээри хайабыт да±аны эдэр дьон буо
лабыт. Эн, дьиэлээх-уоттаах киґи, уол о±оІ оно±ос тутарын
са±ана, кыыс о±оІ кыптыый тутарын са±ана мин эйигин кытта
аны биирдэ кірсін ити эппит тылгын ыйытыам, ити саІарбыт
саІа±ын ійдітµім.
Х а ч ы к а а т. Мин да онтон киэр буолбаппын, иннибинэн
туруом оччо±о да±аны, кэннибинэн буолуом суо±а.
С ы с ы ы г ы н. Барба±ы саІарсымаІ, до±оттоор. Хайа±ыт
да±аны, ордуга-хоґута суох, тэІ дьон буолуоххут. Ол оІоруу-
гут тус-туґунан буолан, атын-атын суолунан баран хаалбыт
дьон буолбаккыт дуо? Хайа±ыт да±аны суол-суолгутун быґыта
хаамсыаххыт суо±а, ити кэннэ тугу саІарса±ыт, то±о ииссэ±ит.
Ким билэр, кэнэ±эґин-кэнэ±эс, хойутун-хойут хайа±ыт аата
ыччаттар кэпсээннэригэр киирэр, хоґоонноругар холбоґор.
Ону билигин быґа этиэххэ тµктэри. Хата, дьиэлээх хотун, тах-
саІІын, бу кµтµіттээх хоноґо±ун тупсаттаа эрэ, эдэр дьон
хоргутуґан хаалыахтара!
Б э р т М а а р ы й а (кыыґынаан чуулаантан тахсан кэлэн
баран). Баґылай, кэпсиэ!
М а н ч а а р ы. Тугу кэпсэтээри гына±ын. Арай эн µтµі аак-
кар, суон сураххар кэлэбин диэн чэгиэн этим сэймэктэннэ,
µтµі аатым киртийдэ.
М а а р ы й а. Кэтиэбэтэх, кµµппэтэх тµµІІµ іттµгэр кэлэн,
уолутан уґугуннартаатыІ, соґуттуІ диибин!
М а н ч а а р ы. Дьон µтµі дииллэрэ, кырдьык, µтµі эбиккин.
Дьон бэрт диэн хайгыыллара, кырдьык, бэрт эбиккин. А±ыс
улууґу ар±ара сырыттым да, сэттэ улууґу диэлийэ сырыттым
да, эн курдук µчµгэй дьахтары кірбіті±µм. Мин эйигин ата±ас
тыы да, баттыы да кэлбэтэ±им. АІаардас µтµі аатыІ иґин ону
кірі кээлтим да санаабын ситтим. Мин да±аны ааттаах-суол
лаах киґибин. Аны биґиги кірµлµµрбµт баґа биллибэт, онон
мин биир ырыата ыллыахпын кіІµллээ.
Мин да кэпсээн оІосто сылдьыам. Оннук хотуну, дьахтары
кытта кірсін баран, ол курдук ыллаабытым диэн, эн да±аны
оннук киґи ілір тыынын харыстаабакка кэлэн миигин кірін
баран, ыллаабыт ырыата диэ±иІ!
М а а р ы й а. Чэ ыллаа, ылыІ эрэ, нохолоор, быатын міл-
тітін биэриІ!
М а н ч а а р ы (ыллыыр)
Мин эн
ХалыІ хал±аІІын
Хааннаґарга ба±аран аспата±ым,
125