Page 127 - Литература 10 кылаас 1 чааhа
P. 127

Анаппыт айыы саІнаах,
Эрэй диэни
ЭІээрбинэн тэлэйэргэ
Этиллибит эристиин
Арай мин баарбын.
Иэримэ дьиэни иччилээбэтэх,
Аал уокка анаппатах,
Хотун ойо±у хоонньоспотох,
Тірітір о±ону тілкіліібітіх,
Иитэр сµіґµнµ билгэлээбэтэх
Арай мин баарбын.
Орто туруу дьа±ыл дойду
Дьоллоох оло±уттан муммут,
Атааннаах аан дайды
Саргылаах айылгытыттан маппыт,
Кэрэ-дьа±ыл дайды
Киэргэллээх кэскилиттэн
Киэр турбут эрэйдээх
Арай мин баарбын.
Ханна да±аны
Хааннаах ыт курдук атыІыранар,
Туохха да±аны
Сотуун ілµµ курдук сура±ырар,
Сир ахсын
СидьиІ ілµµ курдук сиргэниллэр
Мин баарбын.
Ама мин билигин,
Орто дойду долгунугар о±устаран,
Остуруок дойдуламмытым иґин,
Ама
Тµмэн дойду
ТµІнэстигэс дьµµлµгэр тµбэґэн
Тµµнµктээх тµрмэ±э
Тілкіліммµтµм иґин,
Ама аан дайды
Хара дьайыгар хаптаран
Хайыр±астаах хандалыга,
ХараІа хаайыыга
Хааттарбытым иґин,
Мин да±аны
Јйдµµр ійдііх,
Саныыр санаалаах,

                                  127
   122   123   124   125   126   127   128   129   130   131   132