Page 245 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 245
Оло±у кырдьыктаахтык кірдірµµттэн тэйитэн, оІоґуу уобарас-
тарынан сэбиэскэй оло±у, киґини µрдµттэн тупсарыы, киэр-
гэтии суолун тутуґуу. Сэбиэскэй кэмнээ±и, ордук 30—60 сс.,
саха литературатын µгµс айымньыларыгар кістір.
Иккиґинэн, уус-уран ньыма диэнинэн айымньыга тыл кµµ -
ґµн, кыа±ын, кэрэтин сатабыллаахтык туґаныы эгэлгэ кістµµ-
лэрин ааттанар. Айымньы тыла-іґі — уус-уран тыл, ураты
ойуу луур-дьµґµннµµр тыл. Кµннээ±и алтыґыыга, кэпсэтиигэ
туґаныллар тыл айымньыга судургу суолтатыттан тэйэн, ура-
ты, уус-уран ис номохтонор. Кини кµµґэ — этэр ис номо±ор.
Холобура, Амма Аччыгыйа «Ата±астабыл» сэґэнигэр «Хабырыл-
ла барытын истэр, барытын билэр» диэн этиитигэр туґанар
тылларын судургу ійдібµллэрэ уонна бу тµгэІІэ этэр дириІ
ис номохторо уратылар. Онон дьиІ тыл ускуустубата буолбут
уус-уран айымньыга туґаныллар тыл-іс — барыта ураты уус-
уран суолталаах буолар. Уус-уран айымньыга іссі оло±урбут
ураты ойуулуур-дьµґµннµµр ньымалар туґаныллаллар.
Ойуулуур-дьµґµннµµр ньымалар — уус-уран айымньыга
туґаныллар тылынан ойуулааґын олук, бэлиэ кістµµлэрэ.
Аллегория — уобарастаан, ханалытан-кубулутан хоґуйар
уус-уран ньыма. Биир эттик ураты ча±ылхай майгытын кістµµ-
тэ атын эттиги уобарастааґын ньыматынан туґаныллыыта: куо-
бах — куттас, тураах — киґиргэс, бардам. Ордук хото µгэ±э
туттуллар.
Айыл±аны ойуулааґын — тылынан айыл±аны ойуулуур-
дьµґµннµµр ньыма. Уус-уран уобарас ис туругун, иэйиитин ары-
йыыга, ааптар кірµµтµн, сыґыанын чопчулааґыІІа туґаныллар
ньыма.
Мэтириэт — уус-уран уобарас дьµґµнµн-бодотун, сирэйин-
хара±ын, таІаґын-сабын, туттуутун-хаптыытын ойуулааґын.
Уус-уран бытархай (дэтээл) — уус-уран айымньыга омос
кірдіххі соччо суолтата суох курдук бытархай киллэґиктэр. Хо-
лобура, А. И. Софронов «Куоратчыт» кэпсээнигэр — кулахы. Ис
дьиІэр киирдэххэ, сµрµн дьоруойу киґи быґыытынан ары йыыга
ити бытархай — кулахы — улахан суолталаах. Кулахы Уґун Ыста-
паан киґи быґыытынан туруга суо±ун аа±ааччыга итэ±этэр.
Хатылааґын — этэр санааны чиІэтэр соруктаах тылы, тыл-
лар ситимнэрин хатылаан хос-хос туґаныы.
Лириичэскэй киллэґик — эпическэй, лиирэ-эпическэй
айым ньыларга ааптар эбэтэр дьоруой ойууланар быґыыга-май-
гыга иэйиилээх ис санаатын, сыґыанын арыйар тµгэнэ.
Метафора — тылы кіспµт суолтатыгар туттуу, биридимиэт
бэ лиэ тин атын биридимиэккэ майгыннатан кіґірін, холоон
245