Page 243 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 243

суруллубут  айымньы.  Эпос  сµрµн  кірµІнэринэн  арамаан,  сэ-
         ґэн, кэпсээн буолаллар.
            Кэпсээн  —  биир,  арыт  хас  да  бытархай  олох  тµгэннэрин
         сиґилиир кылгас айымньы.
            Сэґэн — биир киґи дьыл±атын ойуулуур, кірдірір айым ньы.
         Дьоруой  оло±о,  дьыл±ата  атын  дьон  (дьоруойдар)  быґы лаан-
         нарга  кістµµлэринэн,  сыґыаннаґыыларынан  тыктарыллан  кір-
         дірµллэр.  Кээмэйинэн,  ойууланар  персонажтар,  быґылаан нар
         ахсааннарынан сэґэн кэпсээннээ±эр быдан улахан.
            Арамаан — олох, быґыы-майгы, араас дьон дьыл±алара ха-
         бырыйсыытын, арыт бµтµн кілµінэ дьон, уопсастыба оло±ун сы-
         тыы тµґµмэхтэрин ырыІалыыр, киґи, дьон-сэргэ уустук сыґыан-
         наґыыларын ойуулуур улахан кээмэйдээх айымньы. АрамааІІа
         биир  кыґал±анан  ситимнэммит  хас  да  сюжетнай  киллэґиктэр
         баар буолаллар.
            Дыраама  —  «сыана±а  оонньоон  кірдіріргі  анаммыт,  дьон
         кэпсэтиитин ситиминэн айыллыбыт уус-уран айымньы, оонньуу»
         (Софронов  А. И.).  Дьон  майгыта-сигилитэ  дыраама±а  дьа йыы,
         тыл-іс ніІµі бэриллэр. КірµІнэрэ: кэмиэдьийэ, трагедия, ды-
         раама.
            Дыраама (пьеса) — «трагедия уонна кэмиэдьийэ икки арды-
         ларыгар  турар,  кµннээ±и  олох  утарсыыларын,  киґи  уонна  уоп-
         сас тыба хайдыґыыларын кірдірір айымньы» (Окорокова В. Б.).
            Кэмиэдьийэ  —  аа±ааччыны,  кірііччµнµ  олох  барбах  кіс-
         тµµлэрин, киґи кэдэрги майгытын сытыытык ойуулаан кµллэ рэр,
         дьон-сэргэ дьµµлµгэр таґаарар айымньы.
            Трагедия  —  эйэлэспэт  ій-санаа,  тыІааґыннаах  быґыы-
         майгы  уустук  кістµµлэринэн  ойууланар,  µксµгэр  хобдох  (ілµµ-
         нэн, эстиинэн) тµмµктэнэр оонньуу.
            Резонёр  —  дыраама±а  ааптар  олоххо  сыґыанын,  идиэйэ-
         тин  биллэрэр  персонаж.  Резонёр,  омос  кірдіххі,  быґылаан
         сайдыытыгар улахан суолтата суох курдук ойо±ос дьоруой, ол
         эрээри  кини  айымньы  ис  номо±ун,  кµµґµн  тута  сылдьар  уоба-
         рас. Холобура, Кµлµк Сµідэр, Баґымньы.
            Ремарка  —  дыраама±а  ааптар  быґаарыылара:  быґылаан
         буо лар сирэ, эйгэтэ, оонньуур дьон уратылара (сааґа, таІаґа,
         кірµІэ), соро±ор ис туруга.
            Реплика — дьоруой атын сиргэ (уоґун иґигэр) саІата.
            Лиирикэ — уйул±а, иэйии хамсааґынынан суруллубут айым-
         ньы.
            Лиирикэ  сµрµннээн  хоґоон  куорматынан  айыллар.  Лиирикэ
         со±отох  уобараґа  лириичэскэй  дьоруой  дэнэр.  Лиирикэ±э  хо-
         ґоон, ода, баллада уо.д.а. киирэллэр.

                                                                      243
   238   239   240   241   242   243   244   245   246   247   248