Page 238 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 238

Куриль  эмиэ  мичээрдээтэ:  оҕонньор  оҥосто-оҥосто  хай-
             ҕаабытынааҕар кини ити тыллары ордук сөбүлүү иһиттэ.
                — Хайа,  тоҕо  турдахпытый,  тордоххо  киириэҕиҥ,  —  диэтэ,
             бастаан туох да саҥата суох турбут Уйбаачаанныын, онтон ти-
             ритэн арыы-сыа ньалҕарыйбыт Маамахаанныын илии тутуһан
             дорооболоһон баран. — Саня, эн эмиэ дорообото тут.
                Тордоххо киирээт, Куриль, дьэ һуу диэбиттии, салгыны ди-
             риҥник эҕирийэн ылан, таҥнары уһууран кэбистэ:
                — Кумаарбыт номнуо хойдон эрэр… Чэ ол да буоллар сэс-
             пэбитин саппат инибит: онто да суох хараҥаҕа олорбохтуурбут
             буолуо..
                — Мин истэрбэ-эр, эһиги-и Саайыраҕы-ыт кумаары да кыт-
             та киһили-и кэпсэтэ-эр сурахтааҕа дии, — Үөһээ Халыма ойуу-
             на, үөннээх баҕайытык быһыччы көрөн олорон, кыыкынас куо-
             лаһынан саҥаран эҥээриттэ.
                — Билбэтим,  —  Куриль  ситэ  саҥардыбата.  —  Бэйэтиттэн
             тахсан  ыйыт:  ярангата  бу  биһи  кэккэбитигэр  турар.  Сорох
             баҕас ойуун тылын-өһүн өйдөөбөт даҕаны.
                — О-оо, маннык өйдөөх, соҕуруунан-хотунан биллэр киһи өй -
             дөөбөт  ааттаах  дии?  —  оҕонньор  сөбүлээбэтэ  быһыылаах,  —
             Оонньоону-уҥ  ини-и…  кистэлэҥҥин  арыйыаххы-ын  куттана-
             ҕын?
                — Кистии  сатыырым  тугум  да  суох,  мин  ойуун  буолбатах-
             пын, онон улаханнык буорайа сылдьабын дии санаабаппын.
                — Киһи итэҕэйиэ суох баҕайыта, — Уйбаачаан тыл кыбытар
             уонна, көхсүн этитэ-этитэ, тэйиччи соҕус олорунан кэбистэ. —
             Оттон  мин  тоҕо  эрэ  эн  ыҥырар  саҥаҕын  ыраахтан  истэн  бу
             кэлэн олоробун дии.
                — Сымыйаҥ,  —  Куриль  холкутук  хардарар.  —  Эн  Друскин
             ыспыраабынньык  суругун  тутан,  үһүөн  ханна  көрсүһүөхтээх-
             хитин  билэн  баран,  бу  кэлэн  олордоҕуҥ  дии.  Дьаһааһынаҕа
             көрсүспүккүт дуо?
                — О-оо! — Үөһээ Халыма ойууна ити тыллары үөрэ иһиттэ
             итиэннэ  остуол  диэки  сыҕарыйда.  —  Хайа  мин  эмиэ-э  итэ-
             ҕэйиэ  суох  курду-ук  буолан  барды-ым  ди-и…  Оттон  итини-и
             барыты-ын  аҕа  баһылык  Охоноо  ханта-ан  биллэ-э?  Друскин
             киниэхэ  тугу-у  да-а  суруйбатаҕа-а…  тылынан  да  илдьиттээ-
             бэтэҕэ-э…
                — Ойуун  эһэлээхпинэн  китиэрийэҕин  дуу?  Суох.  Иччигэ,
             и чээҥҥэ  эрэ  сигэнэ  сатаамаҥ.  Бачча  үрүк-түрүк  сылдьар
             киһи  онтон  атын  буолуо  суохтаах  диэн  тобулан  таһаардаҕым
             дии,  —  Куриль  чолбон  курдук  чолбоодуспут  харахтара  оҕон-

              238
   233   234   235   236   237   238   239   240   241   242   243