Page 240 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 240
тын иирдиэ: сонно тута оҕолору эн мэҥиэстибит эбиккин диэн
сирэй-харах анньан бэчээппин былдьаан ылыахтара. Баай -
бын-дуолбун күдэҥҥэ көтүтэн, ыал устун ыытыа итиэннэ
сиэ мэх бэрдин мин самнардым диэн киһиргэс оҥостуо…» —
Куриль харахтарын аспытыгар, уун-утары оҕонньор, киһи
аҕынньыта төллүөх, сыыҥ-сыраан санньылыйбыт сирэйэ, бу
ньолойон олорор эбит. Ойуун, мэктиэтигэр чыпчылыйбакка да
эрэ, кини хас хамсаныытын кыҥастаһар: кини, төһө да өтө
сэрэйдэр, Куриль тугу хардарарын кэтэһэрэ.
Ол гынан баран, оҕонньор ити мин аҕай диэбиттии киэ-
бирбит көрүҥүттэн кыйахаммыттыы, Куриль: «Кини туох баҕа
санаалааҕый?» — диэн уустук боппуруоска тугу хардарарын
тута-бааччы тобулан таһаарда. «Бай, бай, эмиэ да иһэ истээх,
эмиэ да судургу эбит, — дии санаата кини. — Кинини кытары
атыннык кэпсэтиэххэ наада. Убаастабылы эрэйэр. Суох, ол
өссө кыра — киһи өйүн-санаатын, күүһүн-күдэҕин билиниини,
бэйэтигэр сүгүрүйтэриини эрэйэр. Ол иһин суоһурҕанар…»
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Араас омук ойууннарын тас көрүҥнэрин, майгыларын, ура-
ты дьайыыларын ойуулааһынтан туох санаалар үөскүүллэ-
рий?
2. Курилы ойууннар араастык көрсөллөр: «туундара аҕа баһы
лыга», «дьону сор суоллааччы муус сүрэхтээх оҕонньор»
диэн. Тоҕо!
3. Друскин диэн кимий?
Күндү доҕоттор, бу С. Н. Курилов «Ханидуо уонна Халерхаа» ара-
мааныттан кылгас быһа тардыыны эһигини көҕүлүүр соруктаах кил-
лэрдибит. В. Б. Окорокова суруйбутун курдук, Семён Николаевич Ку-
рилов — Аан дойдуга биллибит, бэйэтин норуотун аатын ааттаппыт
суруйааччы. Бу арамааны ситэри аахтаххытына, хотугу тыйыс айылҕа-
ны, олох эгэлгэ түһүүлэрин-тахсыыларын, үтүө сиэри-майгыны, киһи
буолуу, айылҕалыын биир тыыннаныы ураты үөрэҕин билсиэххит.
240