Page 236 - Литература 10 кылаас 2 чааhа
P. 236

атахтара сиргэ тиийэ намылыспыттар, оттон ат баһын курдук
             уһун  ньолбоҕор  төбөтө  аргыстарын  төбөлөрүн  үрдүнэн  хоро -
             йон көстөр. Кып-кыһыл ханньаҕар уостара хаһан да ыпсыбат-
             тар  быһыылаах,  икки  дьабадьытынан  сыраана  сүүрэн  сан-
             ньылыйа сылдьар. Тугу да аанньа ахтыбат киэбирбит көрүҥүн,
             манна дьон да, түһүлгэ да, сир-уот да суоҕун курдук, үөһэнэн
             көрө  сылдьар  өлбөөдүспүт  харахтара  ситэрэн  биэрэллэр.  Бу
             улуу  дьаалы  аатын-суолун  ким  да  билбэт  этэ,  арай  сахалар
             кинини  өлөрдүү  абааһы  көрөллөр,  илэ  дэриэтинньик  диил-
             лэр  диэн  кэпсииллэрэ…  Кинини  кытта  сэргэстэһэ  Индигиир
             ойууна  Уйбаачаан  иһэрэ.  Кини  киһи  болҕомтотун  тардыбат
             бүрэ көрүҥнээҕэ. Уотуллубут тугут курдук суп-суон, лаппаҕар
             уҥуох таах,  уһулуччу  өйдөөҕүн  да,  ханнык  эмэ  хос  санаалаа-
             ҕын да биллэрбэт сирэйдээҕэ. Арай ханна эрэ куотан хаалыа
             диэбиттии, атын өрөҕөтүн ыбылы кыпчыйбыт мары-маа дьаҕар
             атахтара тута киһи хараҕар быраҕыллаллар. Чэ, барыта, дьиэ-
             тээҕи  түбүгүттэн  атыҥҥа  аралдьыйбат  байа найдаах  булчуту
             дуу,  балыксыты  дуу  санатар.  Ол  эрээри  улуро-чилэр  кинини
             үчүгэйдик  билэллэр  —  Уйбаачаан  юкагирдарга  уруулуу  хаан-
             наах  ламуттар  ортолоругар  ойууннуура  итиэннэ  ол  эргин  ки-
             ниэхэ  тиийэр  хомуһуннаах  ойуун  суоҕа  —  дьулайаллара  бэр-
             диттэн  биир  да  киһи  кинини  утары  көрбөт  этэ.  Уйбаачаан
             бары  аймахтарын  сиэтэлээбит,  ойуун  хомуһунан  иҥэринээри
             гыммыт эдэр дьону эмиэ сиэтэлээн — күн сырдыгыттан мата-
             ран иһэр үһү диэн кэпсииллэрэ… Үһүс киһилэрэ, Төкөйө, илэ
             бэйэтинэн  кэлбитин  ким  да  билбэтэ  эбитэ  буоллар,  ойуут-
             тарга,  эгэ  дириҥ  өйдөөх  дьоҥҥо  киирсэрэ  эрэ  буолуо  дэм-
             мэт  оҕотук  көрүҥнээҕэ.  Сиэн  күөл  сахаларын  ойууна  Төкөйө,
             саа һынан  отута  да  буоллар,  орой-мэник  уол  оҕо  курдуга.  Бу
             билигин даҕаны ыҥыырыгар таба олорбокко, ол-бу диэки эр-
             гичиҥниир,  хаһан  да  маннык  улахан  түһүлгэни  харахтаабатах
             киһилии,  дьиктиргээбиттии  кэриччи  көрүтэлиир,  хараҕын  кы-
             рыытынан кыргыттарга имнэнэр, үөрэн-көтөн өрүкүспүт уолат-
             тары эҕэрдэлээн уҥа-хаҥас тоҥхолдьуйар. Кини ураты муода
             ойуун этэ. Мэлдьитин ыччаттарга, бэл диэтэр, кыра оҕолорго
             тардыһара. Сүүрэн-көтөн, элэстэнэн, имэҥнээхтик күлэн саһы-
             гырата-саһыгырата,  ханнык  баҕарар  оонньууга  аҥаар  уһугут-
             тан  кыттыбытынан  барара.  Бэл  диэтэр,  кыра  оҕолордуун  са-
             лаасканан  хатааһылыыра,  оттон  сасыһа  оонньооһун  саҕалан-
             нар  эрэ,  тугу  барытын  умнара.  Түһүлгэ-түһүлгэ  аайы  араас
             бэйэлээх кыргыттар кинини аҥаардастыы таптаан иилэ хатал-
             лара  уонна  саастарын  тухары  кини  аттыгар  сылдьан  дьолло-

              236
   231   232   233   234   235   236   237   238   239   240   241